Оҥоһуу харыйа
Оҥоһуу харыйа — саҥа дьыллааҕы харыйа көрүҥнээх оҥоһук, үксүн саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар туттуллар. Бастакы оҥоһуу харыйалар мастан эбэтэр хаас түүтүттэн, пирамида көрүҥүнэн, саҥа дьыллааҕы харыйа курдук оҥоһуллубуттара. Икки көрүҥү ниэмэстэр айбыттара. Аныгы оҥоһуу харыйалар поливинилхлоридтан оҥоһуллаллар; атын көрүҥнэрэ эмиэ бааллар, холобур, алюминий эбэтэр оптоволокно.
Устуоруйа
Бастакы оҥоһук харыйалар XIX үйэҕэ Германияҕа үөскээбиттэрэ[1][2], ол гынан баран өссө былыргы холобурдар эмиэ бааллар[3]. Харыйалар от күөххэ кырааскаламмыт хаас түүтүнэн оҥоһуллубуттара[1]. Ниэмэс «түү маһа» диэн ниэмэстэр Германия ойуурун алдьатыытыгар эппиэттэриттэн биирдэстэрэ этэ[2][4]. 1880-с сылларга оҥоһуллубут, хаас түүтүттэн оҥоһук харыйалар XX-с үйэ саҥатыгар улахан биллиилээх буолбуттара[4]. Кэлин АХШ-га тиийбиттэрэ, онно эмиэ улахан биллиилээх буолбуттара[5][6].
АХШ-га оҥоһуу мастар дьиҥнээх «ороһуоспа харыйаларын» туттуохтарын иннинэ баар буолбуттара[3]. Бу бастакы «мастар» мас курдук быһыылаах уонна чүмэчинэн уматыылаах мас пирамидалар этилэр. Мастар 1747 сыллаахха Вифлеемҥа (Пенсильвания штата) айыллыбыттара[7].
1930 сыллаахха Америка ADDIS хампаанньата кытаанах каркастаах харыйаны толкуйдаан таһаарбыта, онно харыйа иннэтин үтүктэн кытаанах түүнү уурбуттара. Мутукчаны туалетнай ёршикка туттуллар харамай түүтүттэн оҥорбуттара, ону от күөҕүнэн өҥнөөбүттэрэ. Маннык көрүҥнээх оҥоһук харыйалар олоҕорбуттара[8].
1958 сыллаахха Чикагога үрүҥ көмүс өҥнөөх алюминий харыйалары оҥорор буолбуттара. Маннык мастар аан дойду үгүс дойдуларыгар, ол иһигэр ССРС-ка, атыыламмыттара[8].
Алюминийтан оҥоһуллубут харыйалары пластик харыйлар солбуйбуттара.
ССРС-ка синтетическэй харыйалар киэҥник тарҕаммыттара, 1959 сыллаахха Загорскайдааҕы оонньуурдар институттарын (билигин Сергиево-Посад оонньуурдар институттара) исписэлиистэрэ оҥорбуттара.
Оҥорон таһаарыы саҥардыллыбытын кытта, оҥоһуктар дьиҥнээх харыйаларга майгынныыр буолбуттара[9].
Оҥоһуу харыйалар көрүҥнэрэ
Түүттэн[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Оҥоһук түүлээх харыйаны от күөх түүтүттэн оҥороллоро уонна умнаһын тула эргийэр боробулуоха «салааларыгар» сыһыараллара[5]. Мастар араас кээмэйдээх этилэр, 1920-с сылларга универмагтарга атыыланар кыра 2-дюймовайтан саҕалаан улахан 98-дюймнаахха диэри[6]. Үксүн лабаалара бэспиэһинньик оруолун толорор оҥоһуу кыһыл «отоннорунан» бүтэллэрэ[5]. Салаалар киэҥник тарҕаналлара, ол иһин бэспиэһинньиктэртэн уот тахсыбат этэ уонна киэргэтиигэ элбэх миэстэ баара[5]. «Түүлээх мастар» атын үчүгэй өрүттэригэр хас сырыы аайы саҥа маһы көрдүүр наадата суох буолуута уонна түспэт иннэлэрэ киирэллэр[10].
Алюминийтан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Үксүн алюминийтан оҥоһуллар оҥоһуу харыйа көрүҥэ баар. Бастаан АХШ-га көстүбүттэрэ: бастаан 1958 сыллаахха Чикагоҕа[11], онтон Манитовокка, онно бу «мастар» үксүлэрэ оҥоһуллан барбыттара[12]. Алюминийтан оҥоһуллубут оҥоһук харыйалар 1970-с сылларга диэри оҥоһуллубуттара[11], уонна мастар киэҥник биллиилэрэ 1965 сылга үрдүк таһымҥа тахсыбыта[13][14]. Ол гынан баран, ол сылга «Рождество Чарли Брауна» диэн анимационнай кылгас киинэ бастакы тахсыыта буолбута, бу киинэ алюминийтан оҥоһуллубут оҥоһук харыйалары инники атыыга куһаҕан сабыдыалын бэлиэтииллэр[11].
Пластиктан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Үксүн оҥоһуу харыйалар ПВХ-пластиктан оҥоһоллоллор. Кинилэр эргийбит бороболуохаттан олоҕураллар[15]. Бу түбэлтэҕэ, иннэлэри элбэх өҥнөөх плёнкаттан синньигэс быһыллыбыт полоскалартан оҥороллор[16].
Лескаттан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Маннык мастар уһун уонна хойуу иннэлээхтэр уонна бэс майгынныыллар. Үксүн, лесканы ПВХ-ны кытта холбоон оҥороллор. Мастары оҥоһуу хаарынан пластик туорахтарынан киэргэтиллибит буолуохтарын сөп[16].
Кутуу харыйа[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Ыһыллыбыт харыйалар атын барыллартан айылҕа мастарыгар майгынныыллара чугас. Хас биирдии мас лабаата туспа кутуллар, олоҕо күрэҥ өҥүнэн кырааскаланар. Иннэлэрэ хойуутук көстөллөр.
Холбоһуктаах барыллар эмиэ бааллар — кутуу + ПВХ[15].
Светодиоднай харыйалар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Светодиоднай харыйалар — тимир каркастаах, ПВХ плёнкаттан оҥоһуллубут иннэлэрдээх, светодиоднай сабынан кыбыта өрүллүбүт мастар. Бу харыйаны розеткаҕа холбуохха сөп, салаалара күлүмүрдээн саҕалыахтара[17].
Быһаарыылар
- ↑ 1 2 Forbes, Bruce David. Christmas: A Candid History, (Google Books Архивная копия от 29 От ыйын 2016 на Wayback Machine), University of California Press, 2007, pp. 121—22, (ISBN 0-520-25104-0)
- ↑ 1 2 Hewitt, James. The Christmas Tree, (Google Books Архивная копия от 23 Бэс ыйын 2016 на Wayback Machine), Lulu.com, 2007, pp. 33—36, (ISBN 1-4303-0820-6).
- ↑ 1 2 Perkins, Broderick. «Faux Christmas Tree Crop Yields Special Concerns Халыып:Архивировано», Realty Times, December 12, 2003, accessed December 15, 2008.
- ↑ 1 2 John, J. A Christmas Compendium, (Google Books Архивная копия от 20 От ыйын 2014 на Wayback Machine), Continuum International Publishing Group, 2005, p. 129, (ISBN 0-8264-8749-1).
- ↑ 1 2 3 4 Marling, Karal Ann. Merry Christmas!: Celebrating America's Greatest Holiday. — Harvard University Press, 2000. — P. 58—62. — ISBN 0674003187
- ↑ 1 2 Silverthorne, Elizabeth. Christmas in Texas, (Google Books Архивная копия от 5 Кулун тутар 2022 на Wayback Machine), Texas A&M University Press, 1994, p. 62, (ISBN 0-89096-578-1).
- ↑ «Christmas Tree Traditions Архивная копия от 4 От ыйын 2010 на Wayback Machine», University of Illinois Extension, accessed December 15, 2008.
- ↑ 1 2 Искусственные ёлки: когда появились, история, где находится старейшая в мире . dp.ru (12 Ахсынньы 2022). Дата обращения: 21 Сэтинньи 2024.
- ↑ Елка новогодняя искусственная. Подробное описание экспоната, аудиогид, интересные факты. Официальный сайт Artefact . ar.culture.ru. Дата обращения: 21 Сэтинньи 2024.
- ↑ Marling, Karal Ann. Merry Christmas!: Celebrating America’s Greatest Holiday, (Google Books Архивная копия от 5 Кулун тутар 2022 на Wayback Machine), Harvard University Press, 2000, pp. 58—62, (ISBN 0-674-00318-7).
- ↑ 1 2 3 Fortin, Cassandra A. «It’s beginning to look a lot like Christmas (1958)(кыаллыбат сигэ)», The Baltimore Sun, October 26, 2008, accessed December 14, 2008.
- ↑ Andrews, Candice Gaukel. Great Wisconsin Winter Weekends, (Google Books Архивная копия от 5 Кулун тутар 2022 на Wayback Machine), Big Earth Publishing, 2006, p. 178, (ISBN 1-931599-71-8)
- ↑ «A dark family secret: the artificial Christmas tree», Oakland Tribune, December 24, 2006, via findarticles.com, accessed December 14, 2008.
- ↑ Pinto, Barbara. «Town Leads Aluminium Christmas Tree Revival Архивная копия от 25 Кулун тутар 2010 на Wayback Machine», ABC News, December 18, 2005, accessed December 14, 2008.
- ↑ 1 2 "Выбрать елку и не сойти с ума. Разбираемся в сортах искусственных елок". 2021-11-11. https://www.ixbt.com/live/offtopic/vybrat-elku-i-ne-soyti-s-uma-razbiraemsya-v-sortah-iskusstvennyh-elok.html. Retrieved on 2024-11-21.
- ↑ 1 2 "Искусственная елка: какая лучше, как выбрать". 2023-12-06. https://rg.ru/2023/12/06/kak-pravilno-vybrat-iskusstvennuiu-el-k-novomu-godu-i-rozhdestvu.html. Retrieved on 2024-11-21.
- ↑ "Литая или светодиодная? Какая искусственная елка лучше и безопаснее". 2019-12-26. https://aif.ru/realty/house/litaya_ili_svetodiodnaya_kakaya_iskusstvennaya_elka_luchshe_i_bezopasnee?ysclid=m3r9n9x0pl68482239. Retrieved on 2024-11-21.
Литэрэтиирэ
- Авдонина М. Ю., Жабо Н. И. Гиперконцепт «ёлка»: лингвистический аспект в современном коде новогоднего ритуала // Вестник Московского государственного лингвистического университета. Гуманитарные науки. 2015. № 27).
- Баранникова Г. И. Учебная модель организации номинативного поля концепта «зима» // Гуманитарный вестник. 2013. № 2.
- Ханипова И. «Да здравствует Новый советский год» (политизация новогодней ёлки в советской России) // Гасырлар авазы — Эхо веков. 2012. № 3—4. U
- Шульга Е. В. Праздник новогодней ёлки в школах России: век вчерашний — век нынешний // Историко-педагогический журнал. 2012. № 2.