Хаас (көтөр)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хоҥор хаас

Хаас (нуучч. гусь, лат. Anser) — хаастыҥылар этэрээттэрин кус семействотыгар киирэр улахан көтөрдөрү ааттыыллар. Бу семействоттан биэс биис уустара хаастарга киирсэллэр: хардырҕастар, хаастар, үрүҥ хаастар, үрүҥ моойдоохтор уонна сухоностар.

Хаастар биис уустарыттан маннык көрүҥнэр Саха сиригэр сайылыыллар: хоҥор хаас, бороҥ хаас, алтан харах, эриэн түөс.

Үрүҥ хаастартан биир көрүҥ — үрүҥ хаас.

Үрүҥ моойдоохтортон эмиэ биир көрүҥ — үрүҥ моойдоох хаас,

Сухностартан биир көрүҥ — хара тумустаах хаас.

Хардырҕастартан саха сиригэр Канаада хардырҕаһа, Америка хардырҕаһа уйаланаллар.

Туундараҕа сымыыттыыр.