Орда-Эдьэн Улууһа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Орда-Эдьэн Улууһа — Алтан Ордуу (Дьүчи Улууһун) илиҥҥи аҥара. Б. Д. Греков, А. Ю. Якубовскай уонна Г. А. Федоров-Давыдов[1] саныылларынан Орда-Эдьэн Улууһа Алтан Ордууттан тутулуктаах этэ уонна кинини Дьүчи улахан уолун Орда-Эдьэн сыдьааннара салайан олорбуттар. Чинчийээччилэр үксүлэрэ Орда-Эдьэн Улууһун Күөх Ордуу (Көк Орда) диэн ааттыыллар (сорох источниктарга Маҥан Ордуу (Ак Орда) да диэн ааттанар). Орда-Эдьэн Улууһа 1361 сыллаахха Урус-хаан кэмигэр босхолонон кимтэн да тутулуга суох буолбута.

Шибан 1280 сыллаахха өлбүтүн кэнниттэн, Орда-Эдьэн Улууһугар Шибан Улууһа холбоммута.

Улуус сирэ

Орда-Эдьэн Улууһа арҕаа диэки Мугодьары диэн ааттаах хайа диэри, хоту Сибииргэ диэри тиийэрэ, илиҥҥи кыраныыссата Иртыш өрүс этэ, соҕуруу Сырдарьяҕа уонна Балхаш күөлгэ диэри тиийэрэ. Шибан улууһа холбоспутун кэннэ арҕааҥы кыраныыссата Урал өрүскэ диэри тиийбитэ. Арҕаа Сибииргэ Орда-Эдьэн Улууһун иһигэр Тайбуҕа сурда үөскээбитэ. Орда-Эдьэн Улууһун киин куората Сыгнак куорат этэ.

Улуус ауданнарга арахсар этэ:

  • Сыгнак, улуус соҕуруу өттүгэр. Киин куората — Сыгнак.
  • Улытау, улуус киинигэр. Киин куората — Орда-Базар.
  • Илиҥҥи (Иртыш), улуус илиҥҥи өттүгэр.
  • Сарайшык, улуус арҕааҥы өттүгэр. Киин куората — Сарайчик.

Орда-Эдьэн Улууһугар Шибан улууһа холбоммутун кэнниттэн Сарайшык аудана эбиллибитэ.

Улуус историята

Мункэ-хаан (1251–1259 сыллар) кэмигэр Алтан Ордуу икки аҥы арахсыбыт этэ, хас биирдии аҥарын Дьүчи уолаттара, Бату уонна Орда Эдьэн салайбыттара[2].

Орда Эдьэн кэнниттэн кини төрдүс уола Куҥ-Киран Орда-Эдьэн Улууһун хаана буолбута (1253–1288)[3].

Куҥ-Киран өлбүтүн кэнниттэн хаан Сартактай буола, Куҥ-Киран быраата Коничи буолбута[3].

Коничи баһылыктыыр кэмэ (1280–1301) эйэлээх уонна сэриитэ суох этэ[3].

Коничи өлбүтүн кэнниттэн кини улахан уола Байан хаан буолуохтаах этэ, ол эрээри иккис сыл устата, ол аата 1301 сылтан 1302 сылга диэри Тимур-Бука уола Кублук хаан буола сатаабыта уонна Байаны утары сэриилэспитэ[3].

Байан хаан буолаары Алтан Ордуу хааныттан Тохтаттан көмө көрдөөбүтэ. Тохта бэйэтин сэрииһиттэрин ыыппакка эрэ Байаҥҥа кини дьиҥнээх хаан буоларын туоһулуур дьаралык биэрбитэ.

Кырыктаах кыргыһыы кэнниттэн Байан кыайыылаах буолан тахсан саҥа хаан буолбута.

Байан төһө да хаан буолбутун иһин, Орда-Эдьэн Улууһун ис сэриилэрэ тохтооботохторо[3].

Байан биэс сыл баһылыктаабытын кэнниттэн кини быраата Маҥытай (Макудай) өрө турбут уонна улуус илиҥҥи өттүн сэриилээн ылбыт. Байан арҕаа куоппут. Маҥытай Орда-Эдьэн Улууһун хаан буолбута уонна иккис сыл, ол аата 1310 сылга диэри баһылыктаабыта[3].

1377 сыллаахха Орда-Эдьэн Улууһун Тимур (Тамерлан) сэриилээбитэ. Ол эрээри Урус-хаан өлөн хаалан (кинини Тохтамыш уола Дьалал ад-Дин өлөрбүт), Тимур Орда-Эдьэн Улуус сэриитин кытта кыргыспатаҕа[3].

Урус-хаан уолаттара уһуннук баһылыктаабатахтара. Тохтамыш 1380-с сыллаахха Орда-Эдьэн Улууһун сэриилээн ылбыта[3].

Орда-Эдьэн Улууһун хааннара

  1. Орда-Эдьэн (1227—1252/53 сыллар)
  2. Куҥ-Киран (1252/53-? сыллар), Орда-Эдьэн уола.
  3. Кутуку (?-?), Орда-Эдьэн уола.
  4. Тимур-Бука (?-?), Кутуку уола.
  5. Коничи (?-1301/02 сыллар), Сартактай уола, Орда-Эдьэн сиэнэ.
  6. Кублук (1301/02-? сыллар), Тимур-Бука уола.
  7. Байан (1301/02-1308/09 сыллар), Коничи уола.
  8. Куштай (1308/09-1310/11 сыллар), Кублук уола.
  9. Маҥытай (1308/09-1320/21 сыллар), Коничи уола.
  10. Калак (Кубак) (1320/21-1328/30 сыллар), Мангытая уола[4]

Кинигэлэр уонна ыстатыйалар

  • Большая советская энциклопедия. Т. 3. — М.: Изд-во «Совет. энц.», 1970.
  • Татарская энциклопедия. Т. 1. — Казань: Ин-т тат. энц., 2002.
  • А. Кузембайулы, Е. Адиль. История Республики Казахстан, — Астана, 2002 г.

Быһаарыылар

  1. Федоров-Давыдов Г.А. Общественный строй Золотой Орды. М.: МГУ, 1973 с 40-50
  2. Восточный Дашт-и Кыпчак в XIII — начале XV века. Проблемы этнополитической истории Улуса Джучи / Ред. И. М. Миргалеев. — Казань: Изд-во «Фэн» АН РТ, 2013. — 288 с
  3. 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 3,5 3,6 3,7 Восточный Дашт-и Кыпчак в XIII — начале XV века. Проблемы этнополитической истории Улуса Джучи / Ред. И. М. Миргалеев. — Казань: Изд-во «Фэн» АН РТ, 2013. — 288 с
  4. К вопросу о генеалогиях потомков Орда-эджена 14 века//Золотоордынская Цивилизация. Выпуск 7. 2014. Казань. С. 41-53.

Сигэлэр

См. эмиэ