Тайбуҕа сурда
Тайбуҕа сурда (нууччалыы Тайбугин юрт, Тайбугинская страна дииллэр) – XIII үйэ саҕаланыытыгар Арҕааҥы Сибииргэ Алтан Ордуу Күөх Ордуутун (илиҥҥи аҥара) иһигэр үөскээбит татаардар дойдулара. Академик Г. Ф. Миллер сабаҕалыырынан Сибиир ханствота 1220 сыллаахха тэриллибит Тайбуҕа сурдуттан үөскээбит. Тайбуҕа сурдун Алтан Ордуу атын улуустарыттан уратыта диэн кини автономиялаах сир этэ[1][2].
Тайбуҕа сурдун киин куората маҥнай Чинги-Тура, онтон кэлин Кашлык куорат этэ. 1359 сылтан ылатан Тайбуҕа сурда Сибиир ханствотын сороҕото буолбута, ол эрээри XVI үйэҕэ Ермак сэриитин кэнниттэн Ноҕай Ордуутугар холбоспута.
Бу сурт аата номоххо киирбит Тайбуҕа диэн киһиттэн саҕаламмыт.
Тайбуҕа сурдун туһунан бастакы ахтыылар
Иртыш өрүс хочолоругар баар буола сылдьыбыт Тайбуҕа сурда Утэмиш-хадьи диэн ааттаах киһи суруйбут "Чингиз-намэ" айымньытыгар ахтыллар. Бу айымньы 1558 сыллаахха суруллубута[3].
Ол кэнниттэн 1586 сыллаахха Урмамэт диэн ааттаах Касимов хаан Москваҕа суругар «Тайбугинская страна» диэн ахтыбыт[4].
Онтон 1597 сыллаахха Сибиир ханствотын баһылыга Кучум Москваҕа ыыппыт суругар Тайбуҕа сурда хас да улуустаах диэн суруйбут[5].
Тайбуҕа мурзалара (баһылыктара)
Дамир Исхаков диэн татаар чинчийээччитэ Тайбуҕа кинээстэрин сололорун Алтан Ордуу бэклэрбэк солотугар тэҥнээх диир. Бэклэрбэк диэн Алтан Ордууга хаан кэнниттэн иккис киһи этэ.
- Тайбуга — Сибииргэ бастакы Тайбуҕа мурзата (1220 сылтан саҕалаабыт, хаһыс сылга диэри биллибэт)
- Мар (Умар, Омар) — Ибак хаан балтын кэргэнэ (1468—1480 сылларга)
- Ходьа
- Адер (Одер, Обдер) — Мар уола, Ибак хаан племяннига буолуон сөп
- Абалак (Ябалак, Ебалак) — Мар уола, Ибак хаан племяннига буолуон сөп
- Гази бий — Сибииргэ Тайбуҕа мурзата (хаһыс сылтан биллибэт, 1428 сылга диэри)
- Муса бии — Сибииргэ Тайбуҕа мурзата (1460—1495 сылларга)
- Муһаммад — Сибииргэ Тайбуҕа мурзата (1495—1502 сылларга)
- Ангиш (Агиш) — Абалак уола, Муһаммад Тайбуҕа быраата
- Касым — Сибииргэ Тайбуҕа мурзата (1502—1530 сылларга)
- Бек-Булат — Сибииргэ Тайбуҕа мурзата (1555—1558 сылларга)
- Едигер — Сибииргэ Тайбуҕа мурзата (1530—1563 сылларга)
- Сейд Ахмед (1583—1588 сылларга)
Быһаарыылар
- ↑ Атласи, Хади История Сибири. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2005. — С. 24—29. — 96 с.
- ↑ Файзрахманов Г. Л. История татар Западной Сибири: с древнейших времён до начала XX века. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2007. — С. 112—121. — 431 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-298-01536-3
- ↑ Kafali M. Altin Orda hanliğinin kuruluš ve yűşeliş deverleri. — Istanbul, 1976. — S. 44.
- ↑ Пекарский П. П. Когда и для чего основаны города Уфа и Самара // Сборник отделения русского языка и словесности Императорской Академии наук. — 1872. — Т. X. — № 5. — С. 16.
- ↑ Исхаков Д. М. Введение в историю Сибирского ханства. — М., 2006. — С. 188.
Эбии көр
Кинигэлэр уонна ыстатыйалар
- Бустанов А. К. Западная Сибирь под властью ордынских правителей (династический аспект). archeologia.narod.ru. Тургутулунна 21 Тохсунньу 2011.
- Исхаков Д. М. Институт сибирских князей: генезис, клановые основы и место в социально-политической структуре Сибирского юрта // Гасырлар авазы – Эхо веков : журнал. — Казань: Главное архивное управление при Кабинете Министров РТ, 2008. — № 2. — ISSN 2073-7483. Архивировано 22 Кулун тутар 2016 года.
- Похлёбкин В. В. СИБИРСКОЕ ХАНСТВО. Отношения между Сибирским ханством и Русским государством (1555-1598 гг.) // Татары и Русь. — М.: Международные отношения, 2000. — С. 150-154. — 192 с. — ISBN 5-7133-1008-6
- Сабитов Ж. М. Генеалогия Торе. — 3-е изд. — Алма-Ата, 2008. — С. 290. — 326 с. — 1,000 экз. — ISBN 9965-9416-2-9
- Тычинских З. А. К вопросу об административно-политическом и территориальном устройстве Сибирских татар в XVI-XVIII веках // Средневековые тюрко-татарские государства : Сборник статей. — Казань: Институт истории им. Ш. Марджани АН РТ, 2009. — Вып. 1. — С. 172-182. — ISBN 978-5-98245-048-7.
- Файзрахманов Г. Л. История татар Западной Сибири: с древнейших времен до начала XX века. — Казань: Татар. кн. изд-во, 2007. — С. 112-117, 126-131. — 431 с. — 1,000 экз. — ISBN 978-5-298-01536-3
- Шашков А. Т. Начало присоединения Сибири // Проблемы истории России. — Екатеринбург: Волот, 2001. — Вып. 4: Евразийское пограничье. — С. 8-51.