Николаев Федот Игнатьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Николаев Федот Игнатьевич (1918—1953) — Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн бастакы анал үөрэхтээх учуутал, Японияны утары сэрии кыттыылааҕа.

1918 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр, Лөкөчөөҥҥө (Лөкөчөөн билигин туспа нэһилиэк) Нымсах диэн сиргэ төрөөбүтэ. Аҕата Игнатий Филиппович Николаев — Баппаҕаайы нэһилиэк бастакы кинээһэ Бадык Силип (Николаев Филипп Васильевич) уола, сэниэ ыал, П. Х. Староватов 1917 сыллаахха салайбыт Уопсастыбаҕа куттал суох буолутуун быстах кэмҥэ тэриллибит кэмитиэтин чилиэнэ, ол сыл күһүнүгэр тэриллибит Буолас земствотын Баппаҕаайыттан гласнайа. Ийэтэ — Даарыйа, Кынаачай бастакы кэргэнэ.

Кыра Сөдүөт Баппаҕаайы оскуолатыгар үөрэммитэ. Бу үөрэнэ сылдьан уопсастыбаннай үлэҕэ кыттан барбыта, 1933 сыллаахха хомсомуолга киирбитэ, бастакы холкуостары тэрийсибитэ, үөрэҕэ суохтары үөрэтиигэ, дьиэттэн хотону араарыыга үлэлэспитэ[1]. Үөрэҕин Хампа ситэтэ суох оскуолатыгар салҕаабыта. Бастаан Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникумҥа түүлээх уонна охотоведение салаатыгар икки куурсу бүтэрбитэ, онтон Бүлүүтээҕи пед училищаны бүтэрбитэ. 1938—1939 үөрэх сылларыгар Баппаҕаайы ситэтэ суох орто оскуолатыгар начаалынай кылааска учууталлаабыта.

Орто уҥуохтааҕа, ыраастык таҥна сылдьарын сөбүлүүрэ.

диэн «Баппаҕаайы нэһилиэгэ» кинигэҕэ ахтыллар.

1944-46 сыллардаахха аармыйаҕа сулууспалаабыта, 25-с Кыһыл Знамялаах механизированнай биригээдэ састаабыгар Японияны утары сэриигэ кыттыбыта.

Федот Игнатьевич 1950 с. ыалдьыар диэри учууталлаабыта.

1953 сыллаахха ахсынньыга Илбэҥэ балыыһатыгар сэлликтэн өлбүтэ.

Аймахтара

Аҕата Бадык Силип Кынаачайа уһун олоҕу олорбута, сүүһүн туолан баран өлбүтэ. Сөдүөт бэйэтэ ыал буолбатаҕа, оҕо төрөппөтөҕө. Бииргэ төрөөбүттэр сэттэлэр. Марк Игнатьевич Илбэҥэҕэ холкуос, нэһилиэк салайааччытынан үлэлээбитэ. Никиитэ эмиэ холкуоһу салайа сылдьыбыта, Бүлүү улууһун бочуоттаах киһитэ. Сэмэн Игнатьевич холкуос суотчута этэ. Василий Игнатьевич үтүөлээх учуутал, Горнайга олорор[2]. Балтылара Балбаара,Дьэбдьиэй элбэх оҕолоох Дьоруой ийэлэр.

Наҕараадалара

«Японияны кыайыы иһин», «1941-1945 сыс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» (1948) мэтээллэрдээх.

Быһаарыылар

  1. «Баппаҕаайы нэһилиэгэ» кинигэ
  2. Кынаачай дьиэтэ // «Лөкөй кыыллаах Лөкөчөөн» кинигэттэн (В. И. Николаев «Олох салҕанар» Дь. 2015 кинигэтиттэн ылылынна)