Николаев Дмитрий Николаевич
Николаев Дмитрий Николаевич | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1927 |
Төрөөбүт сирэ | Ньурба улууһа |
Гражданство | ССРС Арассыыйа |
Үлэтэ | государственнай сулууспа ветерана, журналист, республикаҕа бэчээти тэрийээччилэртэн, сайыннарааччылартан биирдэстэрэ |
Николаев Дмитрий Николаевич — 1927 сыллаахха журналист, республикаҕа бэчээти тэрийээччилэртэн, сайыннарааччылартан биирдэстэрэ.
Маалыкай сэттэ кылаастаах, Ньурба орто оскуолатын уонна оскуолатыгар учууталынан, онтон үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитин кэннэ, советскай-партийнай үлэҕэ көһөрбүттэрэ. Ол курдук ЫБСЛКС райкомун отделын сэбиэдиссэйинэн, оройуон хаһыатын редакторынан, кылгас-кылгастык үлэһиттэр депутаттарын Ньурба оройуонунааҕы Советын ситэриилээх комитетын председателинэн, ССКП Ньурба оройуонунааҕы комитетын бастакы секретарынан үлэлээн ааспыта.
Онтон 1962 сылтан «Кыым» хаһыат редакторын солбуйааччынан, салгыы 1991 сылтан кылаабынай редакторынан уһуннук үлэлээбитэ. 1994—2000 сылларга Саха Республикатын Президенин уонна Правительствотын Администрациятыгар кылаабынай специалист быһыытынан, онтон 2000 сылтан Республика Ытык кырдьаҕастарын Үрдүкү Сүбэтин (Высший Совет старейшин Ытык Сүбэ) эппиэттээх секретарынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. 1963—1991 сылларга Саха АССР норуодунай хонтуруолун комитетын чилиэнинэн талыллан үлэлии сылдьыбыта. Кини Емельян Ярославскай аатынан уонна «Кыһыл көмүс бөрүө» диэн республиканскай журналистскай бириэмийэ лауреата буолбута. Элбэх кинигэлэри суруйбута, араас темаларга тыһыынчанан ыстатыйалар автордара буолбута.
Саха АССР Үрдүкү Советын Президиумун, ССРС, Саха АССР народнай хонтуруолун комитеттарын, ССРС, РФ, Саха Республикатын журналистарын союзтарын Бочуотунай грамоталарынан хаста да наҕараадаламмыта.
Д. Н. Николаев РСФСР уонна Саха АССР культураларын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС уонна Саха Республикатын араас медалларын, знактарын кавалера, «Республика Ытык кырдьаҕаһа» бэлиэ хаһаайына, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо.