Мегежекскэй (Ксенофонтов) Михаил Васильевич
Мегежекскэй (Ксенофонтов) Михаил Васильевич (1898—1929) — саха бастакы бассабыыктарыттан биирдэстэрэ, Саха сирин хомуньуус баартыйатын биллэр-көстөр диэйэтэлэ.
Олоҕун олуктара
I Бордоҥ нэһилиэгэр Маалыкай сэлиэнньэтигэр Баһылай Баһылайабыс уонна Екатерина Васильевна Ксенофонтовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ.
Дьадаҥы ыал сүөһү ииттэн уонна аҕалара тимир ууһа буолан айахтарын булунан олорбуттара. Уончалаах Миша Маалыкайга 1909—1913 сылларга Мэгэдьэктээҕи церковнай-приходской оскуолаҕа үөрэммитэ, салгыы 1913—1915 сылларга Куочайга Мархатааҕы икки кылаастаах училищеҕа, онтон 1915—1918 сылларга Дьокуускайдааҕы учуутал сэминээрийэтигэр үөрэнэн учуутал идэтин баһылаабыта.
Ити бириэмэҕэ Дьокуускайга кэнники Саха республикатын салайааччылара буолбут Максим Аммосов, Платон Слепцов-Ойуунускай, Исидор Иванов-Барахов, Степан Васильев, Степан Аржаков о.д.а. үөрэммиттэрэ. Кинилэр бары 1916 сыллаахха Емельян Ярославскай тэрийбит кистэлэҥ куруһуогар киирэн дьарыктаммыттара. Михаил Ксенофонтов 1917 сыл балаҕан ыйыгар РСДРП кэккэтигэр киирбитэ уонна 1918 сыл кулун тутар ыйга Дьокуускайга революционнай хамсааһыҥҥа кыттыыны ылбыта уонна 1919 сыл бэс ыйыгар куорат үөрэҕин тэрилтэлэрин үөрэнээччилэрин түмэн ыччаттар революционнай куруһуоктарын тэрийбитэ, онно ити сыл ахсынньытыгар «Эдэр коммунистар союзтара» тэриллибитэ.
1920 сыл муус устар ыйга кинини Революционнай штаб бэйэтин боломуоччуйалаах бэрэстэбиитэлин быһыытынан Бүлүү округар уезтааҕы партия тэрилтэтин тэрийэр бюротун председателинэн, ревком чилиэнинэн рекомендациялаан туран командировкалаабыта, кини онно 1921 сыл от ыйыгар диэри сылдьан Бүлүү округар советскай былааһы бөҕөргөтүүгэ, туругурдууга улахан үлэни ыыппыта. Дьокуускайга төннөн кэлэн кылгас бириэмэҕэ Губревком секретарынан үлэлээбитэ. Салгыы кинини Өлүөхүмэ округар командирокалаабыттара — онно 1921 сыл атырдьах ыйыттан 1922 сыл бэс ыйыгар диэри уезд ревкомун председателинэн, уезд исполкомун отделын сэбиэдиссэйинэн, БСК(б)П-ын уездааҕы бюротун чилиэнинэн быыбарданан үлэлээбитэ, итини тэҥэ Өлүөхүмэтээҕи своднай отряд штабыгар баар этэ.
Саха сиригэр Гражданскай сэрии тохтотуллубутун кэннэ, 1922 сыл сайыныгар БСК(б)П губбюротун быһаарыытынан Михаил Васильевич Москваҕа илиҥҥи дойдулар үлэһиттэрин Коммунистическай университетыгар үөрэххэ барбыта — быһа иккис курска ылыллыбыта, төһө да доруобуйата айгыраабытын иһин, туйгуннук үөрэнэн университетын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
1924 сыл күһүнүгэр дойдутугар кэлэн Дьокуускайдааҕы советскай-партийнай оскуола үөрэҕин чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Сотору буолаат кинини эппиэттээх партийнай, государственнай дуоһунастарга анаан үлэлэтэн барбыттара — партия уобаластааҕы тэрилтэтин бюротун чилиэнинэн, Саха АССР 4-6 ыҥырыылаах быыбардарыгар Киин ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн, ССРС төрдүс ыҥырыылаах Киин ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн талыллыбыта. Ити сылларга Михаил Мегежекскэй киэҥ мастаабтаах тэрийэр талаана толору арыллыбыта.
Саамай чиэһинэй, принципиальнай, сөптөөх бэлэмнээх партия эрэллээх кадрын Михаил Васильевиһы уобаластааҕы партийнай тэрилтэ хонтуруолунай комиссиятын председателинэн талан үлэлэппиттэрэ.
1926 сыл олунньу 2-13 күннэригэр үлэлээбит Советтар Бүтүн Саха сиринээҕи съезтэригэр М. В. Мегежекскэй Саха АССР Киин ситэриилээх комитетын чилиэнинэн талыллыбыта уонна ити сыл муус устар 15 күнүгэр САССР КСК президиумун чилиэнинэн уонна эппиэттээх секретарынан талыллыбыта. Салгыы партия Саха уобаластааҕы комитетын бюротун рекомендациятынан 1926 сыл балаҕан ыйын 23 күнүгэр, бу бириэмэҕэ дылы үлэлээн олорбут П. А. Ойуунскай соҕуруу эмтэнэ барарынан, М. В. Мегежекскэй Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателин дуоһунаһыгар быыбардаммыта, кини бу олус үрдүк эппиэттээх дуоһунаска 1927 сыл кулун тутарга дылы ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
1927 сыл олунньу 17 күнүгэр Советтар бүтүн Саха сиринээҕи съездтэрин чаҕылхай киирии тылынан Дьокуускай куоракка Саха АССР КСК председателэ М. В. Мегежекскэй арыйбыта, кини бу съездкэ САКСК (ЯЦИК) чилиэнинэн хос быыбардаммыта уонна ССРС КСК (ЦИК) национальностарын Советын чилиэнигэр кандидатурата туруоруллубута.
1928 сыл алтынньытыгар М. В. Мегежекскэй Саха АССР КСК-ын председателин солбуйааччынан уонна тэрийэр отделын сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччунан быыбардаммыта.
Ыарахан ыарыыттан 1929 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр отут эрэ сааһыгар сылдьан сырдык тыына быстыбыта.
Ахтыылар
Михаил Васильевич Мегежекскэй Саха сиригэр Советскай былааһы олохтооһуҥҥа, бөҕөргөтүүгэ саа-садах тутан, тус олоҕун да харыстаабакка, күүрүүлээхтик охсуспута, элбэх күүһүн, сыратын государственнай аппарат үлэтин тупсарыыга туһаайбыта.
Кинини киһи, табаарыс, доҕор быһыытынан биир бириэмэҕэ үлэлээбит, саҥа олоҕу тутууга тэҥҥэ охсуспут коллегата саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, кэлин В. И. Ленин орденынан наҕараадаламмыт, учуонай буолбут, экономическай наука кандидата, биир дойдулааҕа Николай Николаевич Захаренко 1978 с. тахсыбыт «Первые большевики Якутии» диэн бэртээхэй кинигэтигэр маннык характеристикалаан суруйбута:
«Среди основного ядра первых большевиков Якутии Михаил Васильевич Мегежекский выделялся своей яркой индивидуальностью и самобытностью… Был очень общительным, когда он появлялся, вокруг него всегда собиралось много народа. Несомненно, он обладал талантом рассказчика и пользовался немалым успехом. Его любили за добродушие, хороший нрав, отзывчивость и готовность прийти на помощь товарищу. Вместе с тем это был на редкость серьезный, вдумчивый человек, могущий авторитетно поспорить по самому трудному вопросу теории или практики. К нему тянулась молодежь, и он пользовался большим и заслуженным авторитетом».
Аатын үйэтитии
Кини үтүө аатын үйэтитэр сыалтан Саха АССР КСК-тын уонна Норуот комиссардарын Советын экстреннай мунньахтара төрөөбүт Ньурбатын оройуонун кини аатынан уларытан Мэгэдьэк оройуона диэн ааттаабыта, кини аата уобаластааҕы советскай-партийнай оскуолаҕа иҥэриллибитэ. Личноска сүгүрүйүү сылларыгар «норуот өстөөҕө» эбит диэн дьарылык сыһыаран өлбүтэ уонча сыл ааспытын кэннэ, урут иҥэрбит ааттарын сотон умнууга ыыппыттара. Сол эрэн дьиҥнээх кырдьык чөлүгэр түспүтэ — 1957 сыллаахха Михаил Васильевич Мегежекскэй сырдык аата тиллэн, норуотугар төннүбүтэ.
Билигин кини аатын Маалыкай уопсай орто үөрэхтээһинин оскуолата сүгэр, Ньурба куорат уонна Маалыкай бөһүөлэгин уулуссалара кини аатынан ааттаналлар. Саха республикатын биир бөдөҥ, биллиилээх политическай государственнай деятелэ М. В. Мегежекскэй төрөөбүтэ 100 сааһын туоларынан сибээстээн 12 нүөмэрдээх Удачнайдааҕы ГОК 12 нүөмэрдээх фабрикатыгар булуллубут 57,47 караттаах бөдөҥ алмаас «Михаил Мегежекскэй» диэн ааттаммыта. Саха норуота бэйэтин чулуу дьоннорун умнубат.