Күөх сиик тэллэйэ
Күөх сиик тэллэйэ (лат. Russula cyanoxanta, нууч. Сыроежка сине-желтая) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.
Хатыҥ үүнэр ннньэлээх ойуурдарыгар Саха сирин үгүс улуустарыгар үүнэр.
Оҥоһуутун ойуулааһын
Сэлээппэтэ: 8-15 см. Бастаан көппөҕөр, онтон хаптаҕай, ортотугар кыра боруонка курдуктаах. Күрэҥ уонна чээл күөх ыккардынан өҥнөөх, хатырыктардаах.
Таҥалайдаах араҥата: Үрүҥ, чараас.
Этэ: үрүҥ, субатын анныгар кытархай. Үүтэ суох.
Атаҕа: 5-12 см дылы. Кэпсөркөй, маҥан.[1].
Туттуллуута
Бэс ыйа – балаҕан ыйа. 3-с категорияҕа киирэр. Араас бүлүүдэ оҥороллор.