Сиик күѳх тэллэйэ

Сиик күѳх тэллэйэ (лат. Russula cyanoxanta, нууч. Сыроежка сине-желтая).

Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ 8-15 см кэтиттээх, бастаан томтоҕор, кэлин хаптаҕай, ортотунан кимистигэстээх, кытыы ѳттѳ сиэрэйдиҥи от күѳҕэ ѳҥ баhыйар. Yрдүгэр сыста үүммүт сарадахтыы утахтардаах, кытыыта эрэдэhиннээх.
Сэлээппэтин алын ѳттѳ үрүҥ дьүhүннээх намчы таҥалайдардаах.
Хайа туттахха этэ үрүҥ, үѳhээ хаҕын аннынан кытархайдыҥы, симэhинэ суох, амтана ньулуун.
Атаҕа 5-12 см үрдүктээх, үрүҥ, суона 2,5 см тиийэр, иhэ баатаны симпит курдук.
Споратын ѳҥѳ маҥан.[1]

Yүнэр кэмэ

Бэс ыйыттан ыкса күhүҥҥэ диэри кѳстѳр.

Yүнэр сирэ

Хатыҥ быластаах бэс ойуурга үүнэр. Саха сиригэр бэс үүнэр оройуоннарыгар барыларыгар баар.

Аска туттуу

3-с категорияҕа киирэр, ол гынан баран амтана олус үчүгэй. Ханнык баҕарар бүлүүдэни бэлэмнииргэ барар.
Атын маарыннаhар сүлүhүннээх да, сиэммэт да тэллэйэ суох.

Быһаарыылар

  1. Саха сирин тэллэйдэрэ. Г.С. Угаров, Дьокуускай, Бичик, 1980