Кычкин Николай Николаевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кычкин Николай Николаевич — дуобатчыт, тренер, СӨ уонна РФ үтүөлээх тренерэ, Таатта улууһун Ытык киһитэ.

1940 сыллаахха кулун тутар 29 күнүгэр Дойдунуускайга төрөөбүтэ.

1948 с. Куеллэрини, Матта оскуолатыгар үөрэнэн, 1960 с Төҥүлү орто оскуолатын бутэрбитэ.

1960 с. ереспуубулукэ чемпионаатыгар 3-5 миэстэни уллэстэн бастакы разряды толорбута.1966 с. Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бутэрбитэ. 1966—1973 сс. Мэҥэ-Ханаласка, 1973—1977 сс. Таатта оройуонугар математика учууталынан үлэлээбитэ.

Ити кэмнэргэ оскуолага математика кабинетын тэрийбитэ. Дуобакка общественнай тренерынан улэлээн, угустук улуус, ереспуубулукэ чиэьин кемускээн курэхтэьэрим. 1977 сыллаахтан Ытык Куелгэ о5о спордун оскуолатыгар дуобат тренеринэн 1992 сыллаахха диэри таьаарыылаахтык үлэлээбитэ, оскуола хамаандата ереспуубулукэ5э, Россияҕа бастаан Сойууска 4, СНГ 1992 с. 2-с миэстэ буолбута.

5 спорт мастера, 168 урдук разрядтаахтар уескээн тахсыбыттара. 1992—2004 сс. Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар 51 аан дойду, 36 Европа, 204 Россия чемпионнара, призердара, 1 грассмейстер, 1 норуоттар икки ардыларынаагы спорт маастара, 8 спорт маастара ты5ыстылар.

1997 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин, 2000 с. РФ утуелээх тренера буолбута.2004 с. Таатта опойуонун бочуоттаах гражданина. 20 уйэ спордун уонна Д. П. Коркин аатынан государственнай бририэмийэ лауреатын аатын сукпутэ.2003с. «гражданская килбиэн» бэлиэни туппута. С8 дуобакка федерациятын чилиэнэ, дуобакка элбэх методическай кинигэлэри суруйбута.