Климов Михаил Дмитриевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Климов Михаил Дмитриевич (19141982) — 1914 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Чурапчы оройуонун Хайахсыт нэһилиэгэр Таастаах диэн алааска дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт.

17 сааһыттан Хайахсыкка сэбиэскэй былааһы бөҕөргөтүүгэ үлэлэбитэ. 1933 сыллаахха комсомол кэккэтигэр киирбитэ. 1932 сылтан колхозка хонуу биригэдьииринэн, суоччутунан, колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ 1939 сылтан хадаар сельпотун бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии олорон 1941 сыл атырдьах ыйыгар армияҕа барбыта. Москва анныгар сэриилэспитэ,икки төгүл бааһырбыта. 1942 сыл олунньуга иккис бааһырыыта ыарахан буолан, сэрии инбэлиитэ буолан сайын дойдутугар эргиллибитэ.

Мэхээччэ сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран нэһилиэгин дьонун туһугар икки харытын ньыппарынан туран үлэлээбит. Сут-кураан, хоту көһөрүү сылларыгар сыккырыыр тыыннара ордубут дьонун барыларын түмэн, «Буденнай», «Пушкин», «Крупская» колхозтары холбоон биир “Победа” колхоһу тэрийбит. Бу колхоз оройуоҥҥа үчүгэй үлэтинэн биллэр буолбутугар Михаил Дмитриевич улахан үтүөлээх.

1958 с Хайахсыт нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт. 1960 сыллаахха 50 миэстэлээх типовой оҕо садын туттаран үлэҕэ киллэрбитэ.

1962 с Эрилик-Эристиин кэриэһин толороору эрдээх санааны ылынан куоракка киирэн республика прокурора Г.Г.Федоровы, суруйааччы Н.Е.Мординовы-Амма Аччыгыйын кытта сүбэлэһэн.Эрилик Эристиин кэргэниттэн, Анисия Дмитриевнаттан суругунан сөбүлэҥин ылан, Эрилик-Эристиин аатынан колхоз парткомугар боппуруоһу туруоран, сөбүлэҥнэрин ылан Эрилик-Эристиин уонна Кыра Хабырыыс уҥуохтарын Чакырга оскуола таһынааҕы томторго көһөрөн көмпүттэр. Онон Михаил Дмитриевич айыыттан-хараттан куттаммакка Яковлевтар ааттарын үйэтитиигэ үйэлэргэ умнуллубат үтүө дьыаланы оҥорбута.

Чурапчы оройуонугар икки бөдөҥсүйбүт колхозтары тэрийии тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ улаханнык сатарахсыйарыгар тириэрдибитэ. Мэхээччэ колхозтары төттөрү бытарытыы боппуруостарын күүскэ туруорсан, элбэх мунньахтарга тыл этитэлээбитэ. Оройуон, холкуос салалталарын аһаҕастык сытыы кириитикэлэҕэ тардыталаабыта. Ол түмүгэр партия политикатын утарааччы быһыытынан сыаналаан үлэтиттэн уураппыттара, кытаанах партийнай миэрэҕэ тардыбыттара.

Ити кэмҥэ Эрилик Эристиин колхоз бастакы бэрэссэдээтэлэ Марк Романович Яковлев Томпоҕо совхоз дириэктэринэн үлэлии олороро, кини Михаил Дмитриевиһы Томпоҕо ыҥыран үлэҕэ ылбыта. Томпоҕо Михаил Дмитриевич икки сыл отделение управляющайынан, уонча сыл Мэҥэ-Алдан нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар үлэһит буолбута. Нэһилиэк республикаҕа бастаан Кыһыл знамянан наҕараадаламмыта. Бэйэтэ сыралаах үлэтэ сыаналана Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта. Партия райкома кинини өрө таһааран Томпо оройуонун Томпо нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн туруорбута. Онно да оройуоҥҥа, республикаҕа бастааннар Кыһыл знамянан наҕараадаламмыттара. 1976 сыллаахха доруобуйатын туругунан үлэттэн тохтоон бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон төрөөбүт нэһилиэгиттэн Хайахсыттан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттыбыт 102 буойуну түмэн, хас биирдиилэрин төрүттэрин, олохторун, сэрилэспит сирдэрин булан, хаартыскаларын сыһыаран кинигэ бэлэмнээбитэ. Ол кинигэтин, өлбүтүн кэннэ уола Илья Михайлович Климов бэчээттэтэн, дойдутугар Хайахсыттарга тугунан да сыаналаммат үтүө бэлэҕи оҥорбута.

Дьэ итинник үтүө үлэһит, хорсун буойун, кырдьык иһин бэйэтин харыстаммакка дьон-сэргэ туһугар олоҕун анаабыт Климов Михаил Дмитриевич үйэлэргэ биир дойдулаахтарын сүрэхтэригэр тыыннаах буолуо.

Климов М.Д туһунан 2015 сыллаахха тахсыбыт кинигэ ахтыыларыттан туһанным.