Кириллин Иван Васильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кириллин Иван Васильевич II (Уһун Уйбаан) (1918 с. Нөөрүктээйи (билигин Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгин сайылыга) — 1970 с.) — Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

Олоҕун олуктара

Ол саҕана гражданскай сэрии буола турар кэмэ буолан сурукка-докумуоҥҥа киирбэтэх. Уйбаан, ийэтэ Кэтэриинэ биирдээх-иккилээх оҕо эрдэҕинэ өлбүт буолан, эһэтин аахха Василий Гаврильевичка иитиллэн, кэлин улаатан колхозтаах буолан үлэлии-хамсыы сырыттаҕына сэрии буолбут.

Аҕа дойду сэриитигэр

1943 с. атырдьах ыйын 5 күнүгэр Уйбаан аҕата Кириллин Василий Васильевичтыын биир күн бэбиэскэ тутан, Сунтарга бииргэ киирэн борохуотунан элбэх буолан Кяхта диэн сиргэ массыынаннан этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэр.

Кяхтаттан хастыы да гына араартаан тус-туспа сирдэргэ ыыталаабыттар. Уйбаан атырдьах ыйын бүтэһик күнүгэр 386 запасной полкаҕа түбэһэн алтынньы ыйтан 76 стрелковай полкаҕа ручной пулеметчик буолан сулууспатын саҕалаабыт.

Бу полка састаабыгар киирсэн балаҕан ыйыгар Гоби кумах куйаарын туораан Хинганы уҥуордаан Кытайы японскай милитаристартан босхолуур походка турбуттар. Саамай ыарахана Гоби кумах куйаарын туоруур кэмнэригэр ардаҕа суох киһини дьөлө көрөр итии-куйаас күннэр турбуттар. Ууну мээнэ иһэри боболлоро, уоскун аһара хаттаҕына барбах илиттэ эрэ түһэллэрэ, кыратык иһэр уонна төбөҕө эрэ куттар көҥүллэнэрэ. Ону судургутук быһаараллара: «Кумах куйаарга элбэх ууну иһэр туһата суох, төттөрүтүн киһи ордук утатар, итиини тулуйбат буолар» — дииллэрэ.

Хинган хайаларын туораан окопа хастан кимэн киирэргэ бэлэм сыттахтарына аны ардах бөҕө түһэн окопалара уу буолан эрэйдээбит. Кинилэр полкаларын соруктара диэн иккис эшалонунан сэриигэ киирии. Ол аата бастакы эшалоҥҥа өстөөх улахан утарсыыны, сүтүгү таһаардаҕына көмөҕө сэриинэн тоҕо анньан киириэхтээх эбиттэр.

Бу бастакы эшалоҥҥа Арҕаа сэриигэ элбэхтик кыргыһыыга киирсибит үөрүйэх сэрииһиттэр бааллар эбит. Онтон биһиги дьоммутун сэриигэ улахан үөрүйэҕэ суох дьон таах элбэх сүтүгү көрсүөхтэрэ диэн харыстыыр эбиттэр.

Онтон салгыы 1945 с. ахсынньы ыйыгар бу полкаҕа сулууспалаабыт, саҥа сылтан салгыы 239 отдельнай артиллерийскай дивизияҕа сулууспалаабыт. 1946 с. ыам ыйыттан демобилизацияланыар дылы лаборанынан сулууспалаабыт.

Наҕараадалара

Иван Васильевич наҕараадалара хомойуох иһин билигин биирэ да хаалбатах. «За победу над Японией» И. В. Сталин төбөлөөх мэтээллэр, кэлин өлүөн иннинээҕи «Кыайыы 20 сыла» мэтээллэрдээҕэ биллэр.

Сэрии кэнниттэн

Демобилизацияланан кэлэн колхоһугар Ньөрүктээйигэ үлэлээбит. Кэргэннэнэн ыал буолан алта оҕоломмуттар. 1957 сылтан саҥа тэриллибит «Элгээйи» совхоз Сиэйэтээҕи отделениятыгар рабочайынан үтүө суобастаахтык 1970 с. дылы (өлүөр дылы) үлэлээбит, элбэх махтал грамоталар, дипломнар туоһулууллар.

Сигэлэр

http://pobedanvk.ru/ ситим-сиригэр Кириллин Иван Васильевич туһунан