Иванов Александр Николаевич, тустуук

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ойуучааны оҥоруу сатаммата: Билэ көстүбэтэ
Иванов Александр Николаевич

Иванов Александр Николаевич — Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера, ССРС спордун үтүөлээх маастара.

Олоҕун олуктара

1951 сыллаахха тохсунньу 10 күнүгэр Сунтаар улууһугар Чуона нэһилиэккэ төрөөбүтэ.

Спортка ситиһиилэрэ

  • 1970 с. ССРС эдэрдэргэ чемпиона. Венгрияҕа «Олимпийскай эрэллэр» турнир кыайыылааҕа. Бу сыл ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута.
  • 1971 с. Тбилисигэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа. Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар аата иҥэриллибитэ.
  • 1973 с. Тбилисигэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа.
  • 1974 с. Советскай Союз чемпиона. Ираҥҥа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа.
  • 1976 с. Советскай Союз чемпиона. Монреаллааҕы XXI сайыҥҥы Олимпиада призера. «Үлэҕэ килбиэнин» иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
  • 1988 с. ССРС үтүөлээх тренерэ.
  • 1992 с. спорт үтүөлээх маастарын аата иҥэриллибитэ.
  • Мирнэй улууһугар ДЮСШ директора.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • ССРС спордун үтүөлээх маастара
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ
  • «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл (1976)
  • Дьокуускай куорат Ытык олохтооҕо[1] (1998)
  • «Хотугу сулус» уордьан[2] (2006)

Быһаарыылар

Сигэлэр