Дягилев Андрей Алексеевич
Дягилев Андрей Алексеевич — 1920-с сылларга Үөһээ Бүлүү кыһыл дружинатыгар хамандыыр.
1872 сыллаахха Томскай губерния Смоленскай волоһын Бийскэй уеһын Красный Яр дэриэбинэтигэр төрөөбүт. Духовнай семинария 5 кылааһын бүтэрбит. 1895 сыллаахха байыаннай сулууспаҕа ыҥырбыттар. 2 сыл сулууспалаабыт. Онтон Порт-Артур куоракка байыаннай оскуолаҕа делопроизводителинэн үлэлээбит. Онно сылдьан нуучча-дьоппуон сэриитин кэмигэр политическай буруйдааһыҥҥа түбэһэн Илин Сибииргэ (Саха уобалаһыгар) Бүлүү уокуругар 32 сыл хаатыргаҕа суутунан уурахтанан кэлбит. 1902 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Хороҕо кэлэн олохсуйар.
Олоҕун олуктара
- 1902 сыллаахха олохтоох баайы кытта сатаспакка биир сыл Ньурба Чуукаарыгар «көннөрүнэргэ» диэн ыытыллыбыт. Биир сыл ыалтан ыалга көһө сылдьыбыт.
- 1903 сыллаахха Бүлүүтээҕи араҥ ыарыылаахтар балыыһаларын бырааһа Зоядинскай ыҥырыытынан араҥнар колонияларыгар суруксутунан үлэлээбит. Төннөн кэлэн 1905 сыллаахха кэргэннэнэр. Харастар кыыстарын Өрүүнэни кэргэн ылбыт.Сэттэ оҕолоноллор. (Серафим, Дуня, Алексей, Павел учуутал буолбуттара; Саня атыыһыт, Марфа фельдшер, Андрей связист этилэр).
- 1908-09 сылларга Ньурба Сүлэтигэр учууталлыыр.
- 1910 с. Марха народнай управатыгар суруксут көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир.
- 1912 с. Ньурба волоһын суруксута.
- 1918 с. байыаннай коллегия чилиэнэ.
- 1918 с. алтынньытыттан 1919 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри колчаковецтар тутаннар Бүлүү түрмэтигэр хаайан кээһэллэр.
- 1920 с. тохсунньу 1 күнүттэн Бүлүү уеһын 3 учаастагар милииссийэ начальнига.
- 1922 с. Бүлүү уеһын сэбиэтин сийиэһигэр делегатынан кыттар. Саха уобалаһын Сэбиэтин сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллар.
- 1922 с. бандьыыттары утары добровольнай дружинаҕа киирэр.
- 1923 с. атырдьах ыйын 4 күнүттэн 1924 сыл бүтүөр диэри 2-3 учаастактарга народнай судьуйанан үлэлиир.
- 1926 с. Хоро оскуолатын сэбиэдиссэйэ уонна учуутала, 1934 с. өлүөр диэри.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |