Дэкириэт
Дэкириэт (лат. decretum дьаһал, decernere — дьаһайарга диэнтэн) — быраап аага, былаас уорганын эбэтэр дуоһунастаах киһи дьаһала.
Көннөрү кэпсэтиигэ үксүн дэкириэккэ барбыт, ол аата хат буолан, төрөөн уоппуска ылбыт диэн суолтаҕа тутталлар (эргэрбит «дэкириэт уоппуската» диэнтэн тахсыбыт). Тыл бу суолтата тиэрмиҥҥэ сыһыана суох..
Былыргы Рим
Былыргы Римҥэ дэкириэт диэн былаас коллегиялаах уорганын (сенаат) аага уонна суут дьыалатын преторын дьаһала ааттанара. Кэлин, импиэрийэ буолбутун кэннэ, импэрээтэр аактара ааттанар буолбуттара.
Сэбиэскэй кэм
сир туһунан дэкириэт, эйэ туһунан дэкириэт, сухой сокуон туһунан дэкириэт, суут туһунан дэкириэттэр, 8 чаастаах үлэ күнүн туһунан дэкириэт, хат буолбут уонна оҕо төрөппүт дьахтарга босуобуйа туһунан дэкириэт, сыаркабы судаарыстыбаттан уонна оскуоланы сыаркаптан араарыы туһунан дэкириэт, сосулуобуйаны уонна гражданнар чыыннарын суох оҥоруу туһунан дэкириэт, саҥа таба суруйууну киллэрии туһунан дэкириэт, Сааны-саадаҕы туттарыы туһунан дэкириэт, архыыптар тустарынан 1918 сыл бэс ыйын 1 күнүнээҕи дэкириэт.
1922 сылаахха муус устар 22 күнүгэр Саха АССР тэриллэрин туһунан дэкириэти Аммосов, Бараахап, Ойуунускай туруорсууларынан Бүтүн Сойуустааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт (ВЦИК) таһаарбыта.
ССРС 1924 сыллааҕы Конституцията дэкириэти таһаарар быраабы ЦИК СССР, ЦИК ССРС Президиумугар уонна ССРС СНК-тыгар биэрэрэ.
1936 сыллааҕы Сталин конституцията дэкириэт диэн аактары таһаарар туһунан балаһыанньата суоҕа.
Илин Европа дойдулара
Илин Европа сорох дойдуларыгар норуот демократията дэнэр кэмҥэ дэкириэт диэн судаарыстыба үрдүкү уорганнара ылынар докумуоннара ааттаналлар этэ.
Холобура, Польша Народнай Өрөспүүбүлүкэтигэр дэкириэт диэн Судаарыстыба сэбиэтин аактара ааттаналлара.
Дэкириэттэри Белоруссия бэрэсидьиэнэ таһаарар[1].
Аныгы туруга
Элбэх дойдуга дэкириэт диэн судаарыстыба баһылыга эбэтэр бырабыыталыстыба Ил түмэн бигэргэтиитэ суох таһаарар сокуоҥҥа тэҥнээх быраабын аага. Холобура судаарыстыба баһылыгын аагын быһыытынан дэкириэти хас да Африка судаарыстыбата ылынан турар (Франция быраабын тиһигин ылыммыт судаарыстыбалар).
Оннук дэкириэт сороҕор сокуону солбуйуон сөп. Үгүс конституцияҕа дэкириэти сорох түгэҥҥэ (холобур ыксаллаах быһыыга-майгыга) ылынар туһунан балаһыанньа киирэ сылдьар.
Эбии көр
- Эдикт