Сталин конституцията
ССРС 1936 сыллааҕы Конституцията (олохсуйбут ааттара: «Сталин конституцията», ардыгар — «Кыайбыт социализм конституцията») — ССРС Сүрүн сокуона, 1936 сыл ахсынньы 5 күнүгэр Сэбиэттэр Бүтүн Сойуустааҕы VIII чрезвычайнай сийиэстэригэр ылыныллыбыт, 1977 сыллаахха дылы үлэлээбит.
1935 сыл күһүнүгэр тэриллибит Сталин баһылыктаах хамыыһыйа суруйбута. Айааччылар санааларынан бу сүрүн сокуон дойдуга социализм тутуллубутунан саҥа тутулу киллэрэр соруктаах этэ.
Конституцияны барылын ырытыыга 75 мөлүйүөн киһи кыттыбыта, 1,5 мөл. этии киирбитэ.
Ис хоһооно
Конституция аан бастаан дойдуга көҥүл тылы, бэчээти, мунньаҕы уонна итэҕэли мэктиэлээбитэ. Ону таһынан киһи тыытыллыа суохтааҕа уонна суруйсуу кистэлэҥэ мэктиэлэммиттэрэ.
Сир, сир аннынааҕы баай, уу, ойуур, собуоттар, баабырыкалар, щаахталар, руднииктар, туох баар көлө, бааннар, сибээс сириэстибэлэрэр бүтүн норуот баайынан билиниллибиттэрэ. Колхуостар сирдэрэ бэйэлэригэр болдьоҕо суох туһаныыга бэриллибитэ.