Дьааҥы (тыл)
Дьааҥы - аат тыл суолтатыгар ото-маһа суох, сыгынньах дьаргыл таас хайа, оннук сис үрдэ[1]. Даҕааһын аат суолтатыгар ото-маһа суох сыгынньах, дьаргыл таас. Холобур, бу суолтаҕа Күннүк Уурастыырап ырыа буолбут хоһоонугар көрөбүт:
Туруук дьааҥы дурдалаах,
Кырса саһыл кыбыныылаах
Холкуос кыыһа Долгунча.
Быһаарыылар
- ↑ Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2