Аат тыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аат тыл диэн малы (объегы) бэлиэтиир саҥа ирээтэ уонна "ким/туох" диэн ыйытыыларга хоруйдуур.

Биһигини тулалыыр араас предмети, тыынар тыыннааҕы, айылҕа көстүүтүн, хайааһын аатын бэлиэтиир уонна ким? туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур тыл "аат тыл" дэнэр.

Саха тылыгар киһини эрэ бэлиэтиир аат тылга ким? диэн ыйытыы турар. Онтон атын аат тыл барыта туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур. Араас предмети суолтатынан бөлөхтөөн ааттыыр тыл уопсай аат дэнэр. Холобур: киһи, ынах, өрүс, күөл.

Ити бөлөхтөн биир чопчу предмети ааттыыр тыл анал аат дэнэр. Холобур: Сережа, Маҥаачыйа, Сангаар, Индигиир, Муоһааны

Аат тыл этии ханнык баҕарар чилиэнэ буолуон сөп. Холобур:

  • Туһаан: Балаҕан иһигэр Өлөксөй ытаата. Ким ытаата? — Өлөксөй. Микиитэ Өлөксөйдүүн аан маҥнай ити курдук көрүстүлэр. Кимнээх көрүстүлэр? — Микиитэ Өлөксөйдүүн.
  • Кэпсиирэ: Эдьиийим — врач. Эдьиийим кимий? — врач. Мин — үөрэнээччибин. Мин кимминий? — үөрэнээччибин. Үөрэх баар — барҕа баай. Үөрэх тугуй? — баай.
  • Толоруу: Кураанах хамыйах айахха баппат. Туохха баппат? — айахха. Албын тыла мцөттээҕэр минньигэс. Туохтааҕар минньигэс? — мүөттээҕэр.
  • Сиһилии: Ас халлаантан түспэт. Хантан түспэт? — халлаантан. Кыһыл көмцс кытах түннүгүнэн төкүнүйэр үһү. (Күн). Ханан төкүнүйэр? — түннүгүнэн. Сир анныгар итии болгуо сытар үһү. (Эһэ). Ханна сытар? — сир анныгар.
  • Быһаарыы: Тимир күрдьэх кутуругунан суруйар үһү. (Бөрүө). Ханнык күрдьэх? — тимир.

Аат тыл үөскүүр ньымата

Үс ньыманан үөскүүр:

  • Пааралаһан — сир-дойду кус-хаас саҥа-иҥэ
  • Сыһыарыынан — ырыа-һыт, уол-чаан, кулун-чук, бар-ыы, хамс-ааһын, тут-ааччы, ый-аах, ыйыт-ык, ай-ымньы, тут-ул, сата-был, болҕо-мто
  • Тыл суолтата көһөн — дьиэлээх, кыайбыттар, элбэхтэр.

Аат тыл суолтатыгар атын тылы туттуу

Ханнык да омук тылыгар биир саҥа чааһа атын саҥа чааһын суолтатын ылара баар буолар. Холобур, нуучча тылыгар итинник түбэлтэ элбэх: столовая ложка (прилагательное) — столовая открыласъ (существительное); приглашенные школьники (причастие) — приглашенные собрались (существительное). Саха тылыгар итинник эмиэ баар: Оҕо кытаанахтык утуйбут (тус туохтуур). — Утуйбут таҥаскын хомуй (аат туохтуур). — Утуйбут уу аһылыктаах (аат тыл).

Аат тылы чинчийбит учуонайдар

Туһаныллыбыт сир

  • Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0