Вилюйский округ Якутской области (кинигэ)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

"Вилюйский округ Якутской области" диэн Ричард Маак сүрүн кинигэтэ. Кини экспедицията буолбута 30 тахса сыл буолан баран 1883–1887 сыллардаахха үс томнаах бэчээттэнэн тахсыбыта.

Маҥнайгы томугар метеорология көрдөрүүлэрэ, өрүстэр уонна күөллэр чинчийиилэрэ, салгын сиигэ уо.д.а. сибидэнньэлэр киирбиттэрэ.

Иккис томугар флора, фауна, минералогия уонна геология өртүнэн сибидэнньэлэр.

Үһүс том бүттүн Бүлүү сахаларын туһунан суруллубут. Демография туһунан, олорор дьэлэр, таҥас. ыал буолуу сиэр-туом ырытыллыбыт, итэҕэл туһунан, фольклор.

Сахалар хаһаайыстыбалара киэҥник ырытыллар, ынах-сүөһү, оттооһун, аты иитии. Ону таһынан бултааһын уонна балыктааһын туһунан эмиэ баар.

Эргиэн, бурдук ыһыы эмиэ киэҥник сырдатыллыбыт. XIX үйэтээҕи сахалар социальнай уонна экономика сыһаннара эмиэ киэҥник көстүбүт.

Кинигэ тахсаатын кытта интириэһи тардыбыта. 1996 сыллаахха Алроса хампааньыйа үбүлээһининэн ити кинигэ иккистээн тупсаҕай оҥоһуулаах тахсыбыта.

Ылыллыбыт сирэ

Энциклопедия Якутии, М., 2000 г.