Бээрийэ (Уус-Алдан улууһа)
Бээрийэ — Саха Сирин Уус-Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгин сэлиэнньэтэ. Бээрийэ нэһилиэгин дьаһалта киинэ уонна соҕотох нэһилиэнньэлээх пууна.
Географията
Сэлиэнньэ Саха Сирин киин өттүгэр, Киин Саха хочотун иһигэр, Танда өрүс хаҥас кытылыгар, улуус дьаһалта киинэ Бороҕон сэлиэнньэтиттэн хотугулуу-илин диэки 43 килэмиэтиргэ (көнө) тэйиччи сытар. Муҥутуур үрдүгэ байҕал таһымыттан 128 миэтэрэ.
Климата
Климата резко континентальнай. Саамай сылаас ый (от ыйа) салгын орто температурата +18,7; саамай тымныы (тохсунньу) −42,6. Сыллааҕы орто сөҥүүтэ 234 мм. Үксүн ардах муус устартан алтынньыга диэри түһэр. Хаар бүрүөһүнэ сылга 225—250 күн устата сытар.
Кэм курдааһына
Бээрийэ МСК+6 кэм курдааһыныгар баар. Туһаныллыбыт бириэмэ UTC-ҕа сыһыаннаах уларыйыыта +9:00[2].
Нэһилиэнньэ
| 2002 | 2010 | 2012[3] | 2013[4] | 2014[5] | 2015[6] |
|---|---|---|---|---|---|
| 293 | ↗297 | ↘287 | ↘276 | ↗277 | ↘268 |
| 2016[7] | 2017[8] | 2018[9] | 2019[10] | 2020[11] | 2021[12] |
| ↘266 | ↘260 | ↘251 | ↘233 | ↗236 | ↗242 |
Сэлиэнньэҕэ 2021 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн 242 киһи олорор.
Эр киһи-дьахтар састааба
2010 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһинэн, нэһилиэнньэ гендернай тутулугар эр дьон 53,5 %, оттон дьахталлар 46,5 % ылаллара.
Национальнай састааба
2002 сыллааҕы бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһинэн, нэһилиэнньэттэн сахалар 98 % ылаллара[13].
Инфраструктура
Уулуссалар
Сэлиэнньэ уулуссаларын ситимэ аҕыс уулуссаттан турар[14].
Култуура
1937 сыллаахха Бээрийэҕэ колхоз кулууба арыллыбыта. 1973—1974 сыллардаахха кулууп «Култуура дьиэтигэр» кубулуйбута. 1987 сыллаахха култуура дьиэтэ саҥа тутууга көспүтэ. 2019 сыллаахха «Арчы» Бээрийэтээҕи култуура киинигэр Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамя уордьанын кавалера Семен Гаврильевич Васильев аата иҥэриллибитэ[15][16].
Култуура дьиэтигэр Степан Степанович Аржаков аатынан бибилэтиэкэ үлэлиир[17].