Бурнашев Николай Петрович
Бурнашев Николай Петрович — Боодоҕос (1846, Лөгөй нэһилиэгэ, Саха уобалаһа — 1950) — олоҥхоһут.
Олоҕун олуктара
1846 сыллаахха Сыҥаах нэһилиэгэр (билигин Уус-Алдан улуус Лөгөй нэһилиэгэ) төрөөбүтэ.
Суорун алааска I-ы Лөгөй нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга Бурнашев Буөтур-Оломпо оҕонньордооххо үһүс оҕонон төрөөбүт. Оччотооҕу кэм улахан олоҥхоһуттара Нам улууһун ырыаһыта Чогдооруйа уола Мэхээлэ, Таатта улууһуттан олоҥхоһут Маарыйа, биир дойдулааҕа Наара Суох Охлопков олонхолорун истэн үөрэммитэ[1].
1947 с. Дьяконов Степан Константинович балтараа ый ыллатан Боодьоҕос Кыыс Дэбилийэ Хотун олоҥхотун суруйбута. 1997 с. бу олоҥхо кинигэ буолан тахсыбыта.
Олоҥхолоро
- "Орто дойду буойуна Оҕо Дуолан бухатыыр;
- «Үс курдаах Уөлэн Хардааччы»;
- "Тумул тыал кэтэҕиттэн быстан иһэрин курдук, туус маҥан аттаах уолларбаай тойон;
- «Үтүө киһи көхсүн хаана үктэллээ хөттук Молдьой бухатыыр»;
- «Күлүгүнэн оонньуур көҕө нэлэмэс аттаах, күүстээх уохтаах Күскэм Даадар»;
- «Баай киһи Баһымньы Баатыр»;
- «Кыргыс кэм ииниллэр кыһыл буур аттаах Кыыс Дэбилийэ бухатыыр».
Быһаарыылар
Ылыллыбыт сирэ
- Энциклопедия Якутии, Якутск, 2000.