Брызгалов Роман Иванович

Роман Иванович Брызгалов (нууч. Брызгалов, Роман Иванович; 1911 сыл балаҕан ыйын 26 күнэ, Дьокуускай уокуруга[d], Саха уобалаһа, Арассыыйа импиэрийэтэ1987 сыл бэс ыйын 27 күнэ, Саха АССР) — Сэбиэскэй үөрэхтээһин систиэмэтин үлэһитэ, партийнай уонна хаһаайыстыбаннай диэйэтэл.

Олоҕо

1911 сыллаахха балаҕан ыйын 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ.[1]

Моорук нэһилиэгэр үөрэммитэ, 7 кылаас кэнниттэн педагогическай техникумҥа салгыы үөрэнэн 1931 сыллаахха бүтэрбитэ. 1934 сыллаахтан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оскуолаларга дириэктэринэн, солбуйааччынан, иниспиэктэринэн үлэлээбитэ.

1942 сыллаахха бэс ыйыгар Чурапчытааҕа байыаннай комиссариатынан Кыһыл аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллар, 3-с Белорусскай фроҥҥа сэриилэһэр.[2]

Сэрии бүппүтүн кэннэ дойдутугар эргиллэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун оскуолаларыгар үлэтин салҕыыр.

КПСС чилиэнэ буолан баран сир уонна хамсаабат баай-дуол Министиэристибэтигэр, оройуоннааҕы баартыйа кэмитиэтин сэкэрэтээринэн ананан үлэлиир. 1951 сыллаахха — Саха АССР хас да оройуоннарын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, онтон Мэҥэ Хаҥалас оройуоннааҕы исполкомун Бэрэссэдээтэлэ. Бу кэннэ СССР оҥорон таһаарыы министиэристибэтин боломуочунайын солбуйааччы, Өймөкөөн оройуонун КПСС 1-кы уонна 2-с сэкэрэтээрэ, оройуоннааҕы исполком Бэрэссэдээтэлэ, Томпотооҕу оҥорон таһаарар сопхуос, Яна-Индигир оҥорон таһаарыы салааларын салайааччыта.

Уопсастыбанннай үлэлэрэ — Өймөкөөн оройуонун Уус Ньара II быыбардыыр учаастагыттан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин IV, V, VI уонна VII ыҥырыыларын депутата.

1964 сыллаахтан Р. И. Брызгалов — Саха АССР идэтийбит техническэй үөрэхтээһин Өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайааччыта[3]. Ол кэннэ хоту оройуоннар салааларыгар үлэлии сылдьыбыта, биэнсиэйэҕэ барбыта.

1987 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр өлбүтэ.[1]

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Роман Иванович Брызгалов төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытыллыбыттара .[4]

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • «Бочуот бэлиэтэ» уордьан;
  • «Кыһыл Сулус» уордьан;
  • «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл;
  • «Хорсунун иһин» мэтээл[5];
  • Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо (1986)[6].

Дьиэ кэргэнэ уонна тус олоҕо

  • Роман Ивановиһы норуокка «Абытай Арамаан» диэн ааттыыллара;
  • Кэргэнэ — Матрена Прокопьевна, математика учуутала;
  • Түөрт кыыс оҕоломмуттар[5].

Аатын үйэтитии

  • 2020 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх нэһилиэгэр баар Тырааныспар техникумугар Роман Иванович Брызгалов аата иҥэриллибитэ[7];
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Р. И. Брызгалов төрөөбүтэ 100 сыла үөрүүлээхтик бэлиэтэммитэ.

Быһаарыылар

  1. 1 2 Брызгалов Роман Иванович. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025. Архивировано 5 Балаҕан ыйын 2021 года.
  2. Подвиг народа. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025. Архивировано 1 Тохсунньу 2021 года.
  3. Профессионально-техническое образование Якутской АССР в середине 1960-х гг. cyberleninka.ru. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025.
  4. Педагоги и наставники Якутии. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025. Архивировано 5 Балаҕан ыйын 2021 года.
  5. 1 2 Роман Иванович Брызгалов. Сигэнии күнэ: 23 От ыйын 2026.
  6. Почетные граждане Мегино-Кангаласского улуса. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025. Архивировано 5 Балаҕан ыйын 2021 года.
  7. Сведения об образовательной организации. Сигэнии күнэ: 23 От ыйын 2026.

Сигэлэр