Бирикээсчиктэр кулууптара (Дьокуускай)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бирикээсчиктэр кулууптараДьокуускай куоракка XX үйэ саҕаланыытыгар баар буола сылдьыбыт мустар сир, манна пьесалары туруораллара, сахалыы бастакы испэктээх манна турбута, манна саха бастакы үөрэхтээхтэрэ мусталлара.

1917 сыллааҕы түбэлтэлэр

1917 сыллаахха Арассыыйаҕа Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ буолбутун кэннэ Дьокуускайга Бирикээсчиктэр кулууптара өрөбөлүүссүйэ оҥорооччулар "ыстааптара" буолбута. Кулун тутар 3 күнэ буолар түүнүгэр (аныгы ааҕыыннан кулун тутар 16 күнэ) полиция ыраахтааҕыга эрэллээх хаалар уонна митиннэри бобор туһунан биллэриилэри ыйаабыта. Ол үрдүнэн бастакы митинг кулун тутар 3 (16) күнүгэр Уопсастыбаннай мунньах саалатыгар буолбута, 500-чэ киһи кыттыбыта. Ол митинг кэнниттэн Бирикээсчиктэр кулууптарыгар испэктээк буола турдаҕына митинг дэлэгээтэ Е. Ярославскай кэлбитэ уонна онно мустубут дьон ортотугар куорат баһылыга П. А. Юшмановка былааһы норуокка биэрэрин модьуйбута.

Кулун тутар 4 (17) күнэ буолар түүнүгэр мустан бастакы өрөпкүөм нелегальнай мунньаҕын ыыппыттара. Онно мустубут бассабыыктар, меньшевиктэр уонна эсердэр куорат гарнизонун саллааттарын бэйэлэрин өттүлэригэр тардар, сэрии сэбин булунар туһунан, телеграф дьиэтин ылар туһунан эҥин быһаарсыбыттара. Ону таһынан Куттал суох буолуутун кэмитиэтин тэрийэргэ быһаарбыттара.

Өрөбөлүүссүйэ оҥорооччулар чааһынай лааппылартан конфискациялаан ылбыт сэриилэрин сэбин Бирикээсчиктэр кулууптарыгар түмпүттэрэ, гражданскай милиисийэ этэрээтин хомуйан барбыттара. Бу этэрээт саалаах-саадахтаах Куорат Быраабатын дьиэтигэр тиийэн Куорат Дууматын былааһы кэмитиэккэ биэрэргэ күһэйбиттэрэ. Кулун тутар 4 күнүгэр норуот мунньаҕын ыҥырбыттара, ол мунньахха Дьокуускайдааҕы Куттал суох буолуутун кэмитиэтин (нууч. Якутский комитет общественной безопасности, кылгатан ЯКОБ) чилиэннэрин талбыттара. Онтон уобалас вице-күбүрүнээтэритэн (күбүрүнээтэр Р.Э. фон Витте астаапкаҕа барбыт кэмэ этэ) барон Тизенгаузентан былааһы биэрэригэр модьубуйуттара. Вице-күбүрүнээтэр уонна полицмейстер Рубцов Петтрограадтан дьаһал суоҕунан матыыптаан батыммыттара. ЯКОБ-тар Петроградка Керенскай аатыгар былааһы кинилэргэ биэрэр туһунан ис хоһоонноох тэлэгирээмэ ыыппыттара.

Кулун тутар 5 күнүгэр Бирикээсчиктэр кулууптарыгар вице-күбүрүнээтэр былааһы туттарарын туһунан биллэрбитэ. Саллааттарын илдьэ кэлбит куорат гарнизонун начаалынньыга Н.Д. Попов ЯКОБ-у өйүүр туһунан этиммитэ[1].

Быһаарыылар

  1. Историко-културный атлас "Якутия", Москва, Феория, 2007 // Переход власти к Якутскому комитету общественной безопасности в марте 1917 г., С. 359