Астана

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Астана (2019–2022 — Нур–Султан; 1998–2019 — Астана) — Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин киин куората.

Нур-Султан

Икки тыһыынча уон алта сыл ыам ыйын бастакы күнүгэр дылы ыытыллыбыт бэрэбиэркэннэн бу дойдуга аҕыс сүүс аҕыс уон суус уон биир киһи олорор диэн биллэр. Бу Казахстаҥҥа Алматы уонна Шымкент диэн куораттар дьонун ахсаанын кэнниттэн үһүс миэстэ буолар. От ыйын төрдүс күнүгэр Астана куоракка мөллүйүөннэй киһи төрөөбүт. Астана Казахстан хоту өттүгэр Акмолинскай сиригэр баар.

Физика-географическай характеристиката

Куорат болуоссата – сэттэ сүүс сүүрбэ икки кыбыдыраатынай килэмиэтир буолар. Куорат хонуу куйаар сиригэр турара биллэр. Астана Ищим өрүс кытыытыгар турар. Куорат уҥа уонна хаҥас биэрэктэр диэн икки чааска араараллар. Куораттан сүүрбэччэ-отучча килэмиэтирэ эмтээх, туустаах күөлллэр бааллар.

Климат

Куорат муораттан ыраах кураанах сир климаттах. Сайыннара итии уонна кураанах буолар, кыһыннара табараан тымныы уонна уһун буолар. Сыллааҕы орто температурата нультан үөһээ үс кыраадыс көрдөрөр буолар. Биир сыл иһигэр сеҥүүлэрэ үс сүүс миллиметр туһэр.

Нэһилиэнньэ

Куорат нэһилиэнньэ ахсаана КазСтат көрдөрүүлэринэн ыам ыйын бастакы күнүгэр икки тыһынча уон алтыс сылга аҕыс сүүс аҕыс уон тыһыынча суус уон биир киһи олорор диэн биллэр. Ол ураты тохсунньу ыйын муус устар ыйга дылы киһи олорор ахсаана кыра быһыылана сылдьыбыт чуолаан биир сүүс уон икки киһиннэн көҕүрээбитэ биллэр. Казахстан президенэ ахсынньы ыйыгар икки тыһынча уон алтыс сылыгар биллэрии биэрбитэ, икки тыһынча биэс уон сылга Астана нэһилиэннитэ үс мөллүйүөн буоло дии саныыр, уол аата уон икки быраһыан нэһиллиэнньэҕэ эбиллэр. Икки тыһынча уон тохсус сыллаҕы нэһилиэнньэ ахсаан быһыытынан отут биэс быраһыан Астана куорат төрүттээх киьи ааҕыллыбыта биллэр. Куорат сүрүн нэһилиэнньэтэ Казахстан атын дойдуттан сылдьар буолаллар, онон уон тоҕус быраһыан Аммолинскай уобалаһыттан сылдьаллар, сэттэ быраһыан Казахстан соҕуруу уобалаһа буолар, алта быраһыан Карагандинскай уонна Костанайскай уобаластан төрүттэхтэр.

Дьиэ кэргэн буолар орто саастара эр киьи сүүрбэ сэттэ буолар, дьахтар киэнэ сүүрбэ биэс. Нэһилиэнньэ ахсаан үүнүүтэ уон сыл иһигэр тыһынча тоҕус уон тоҕус сылтан икки тыһынча тохсус сылга дьэри аҕыс уон алта быраһыан үрдээбитэ дьиэн биллэр. Биир сыл иһигэр тыһыынча киһи иһинэн уон биир дьиэ кэргэн буолаллара биллэр, үс арахсыыга биэрэр. Биир тыһынча киһи иһигэр Астана куорат олохтоохторугар үс сүүс тоҕус уон биэс киһи Сарыарка диэн оройуоҥҥа олороллор, сүүс уон биэс Есиль оройуонугар хаалбыт түөт сүүс тоҕус уон киьи Алматы оройуонугар олорор. Алматы куоракка араас омук баар: азербайджаннар, украинецтар, татаардар, еврейдар, белорустар, грузиннар, молдаваннар, таджиктар, узбектар, ул ураты өссө араас омуга баар.

Казахстан предидэнин ыйааҕынан 1998 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр Акмола куораты Астана диэн аат биэрбиттэрэ.

Хойутуу киин куорат күнүн от ыйыгар алтыс күнүгэр кеһербүттэрэ, ол диэтэххэ Казахстан Верховнай Совета уураҕын ылыммыттара киин куорат күнүн көһүрэргэ. ЮНЕСКО быһаарытынан тыһынча тоҕус сүүс тоҕус уон сылга Астана куорат “Аан дойду куората” аатын ылбыта.

Экономика

Куорат экономикатын төрүттэрэ буолар эргиэн, транспорт, сибээс уонна тутуу. Казахстан валовой бородуукта эргиэн экономика сектора Астана атын уобалатартан уонна куораттартан иккис миэстэҕэ турар Алматы кэннититтэн. Ааспыт биэс сыл иһигэр куорат дьиэ тутааһыныер бастаан иһэр. Ол ураты Астана куорат метаалл оҥоһуктарынан, бетон оҥоһуктарынан бастаан иһэр.

Култуура

Куоракка Акмолинскай уобалас филармонията баар, устуоруйа түмэлэ, уус-уран түмэл, Казахстан Республиката Национальнай түмэлэ, Национальнай опера уонна балет театра, драматическай театр, библиотека.

Азата Боярлина бырайыегынан от ыйын алтыс күнүгэр икки тыһынча сылга куоракка фонтан “Олох маһа” тутуллубута. Бэйэтэ тутуу символическай майгылаах, үйэ тухары олох эргийэрин көрдөрөр. Болуоссат арыйыыта Президент алта уон сааһын туоолутугар аналлабытара.

Устуоруйата

Куорат олус барыстаах минтэҕэ турара биллэр, былыр истиэп олохтоохторо быһалыы уонна куттала суох барар суолларыгар турар. Археологтар бу тула боруонга, тимир, орто үйэлэр саҕанааҕы маллары-саллары, иһиттэри-хомуостары уонна дбон туттар малларын булбуттара, булаллар уонна билигин да көхтөөхтүк көрдүүллэр. Бу булбут матырыйаалларын ккөмөтүнэн норуот, дойду остуоруйатын, тугун дьарыктаммыттарын билэллэр уонна мусуойнай, үөрэх, үлэ халлаһыннарыгар сүрүннээн тутталлар.

Куорат туталлубут сыла тыһынча аҕыс сүүс отут уон, бастакы балаһынньата - бирикээс (Акмолинскай). Төрүттээччи – Федор Кузьмич Шубин-иккис, Бородинскай сэрии кыттааччыта.