Аманда Байнс

Аманда Лора Байнс (ааҥл. Amanda Laura Bynes; төр. 1986 сыл муус устар 3 күнэ, Таузанд-Окс[d], Калифорния) — АХШ киинэ артыыha. «Всякая всячина» телешоу экс-кыттааччыта. «Она — мужчина», «Чего хочет девушка», «Лак для волос» киинэлэринэн биллэр. Киинэҕэ тиһэх үлэтэ «Отличница лёгкого поведения» диэн киинэҕэ этэ, ол кэнниттэн кини доруобуйатыгар кыһалҕалар тахсыбыттара. 2023 сылтан ыла психиатрическай клиникаҕа эмтэнэ сылдьар.

Эрдэтээҥҥи олоҕо

Байнс Таузанд-Окс (Калифорния) куоракка төрөөбүтэ. Аҕата Рик Байнс — стоматолог, ийэтэ Линн (кыыс араспаанньата Орган) — стоматолог көмөлөһөөччүтэ уонна офис-менеджер[1]. Аманда Байнс убайдаах уонна эдьиийдээх[2]. Ирландец, поляк, нуучча уонна румын хааннаах. Аҕата католик, ийэтэ иудейка.

University Elementary оскуолаҕа уонна Thousand Oaks High School үөрэммитэ, La Reina High School сылдьыбыта, Нью-Йорк университетыгар туттарсарга былааннааҕа.

Сэттэ сааһыттан Лос-Анджелестааҕы Comedy Store диэн комедийнай кулуупка уонна таптааччылар тыйаатырдарын туруорууларыгар кыттыбыта, онно «Убить пересмешника», «Музыкальный человек» уонна «Таинственный сад» диэн пьесаларга оонньообута.

Карьера

Байнс 1996 сыллаахха «Всякая всячина» сериалга бастакытын оонньоон дьон иннигэр тахсыбыта, ол кэнниттэн туспа бэйэтин шоутун — «Шоу Аманды» (1999—2002 сс.) — ыытааччыта буолбута, бу үлэтин иһин түөртэ Kids' Choice бириэмийэтин ылбыта.

2002 сыллаахха «Большой толстый лжец» киинэҕэ киинэ эйгэтигэр бастакы үлэтэ буолбута, онтон кэлин кини «За что тебя люблю» (2002—2006 сс.) диэн киэҥник биллибит сериалга уһуллубута. Артыыска ааты-суолу «Чего хочет девушка» (2003), «Любовь на острове» (2005), «Она — мужчина» (2006), «Лак для волос» (2007) уонна «Сидни Уайт» (2007) диэн киинэлэргэ толорбут оруоллара аҕалбыттара.

2007 сыллаахха Байнс Steve & Barry’s ситим-маҕаһыыннары кытта бииргэ Dear диэн таҥас линиятын оҥорон таһаарбыта, ол эрээри хампаанньа банкроттаабытын кэннэ сабыллыбыта[3]. Кини киинэҕэ тиһэх үлэтэ «Отличница лёгкого поведения» (2010 с.) киинэҕэ буолбута, ол кэнниттэн артыыс карьератын тохтоппутун туһунан биллэрбитэ[4].

Карьерата аллараа барыыта уонна сокуону кытта кыһалҕалар

2000-с сыллар бүтүүлэригэр Байнс алкоголь уонна наркотикка ылларан хаалбыта, ол карьерата тохтоон хаалыытыгар уонна элбэх айдааннарга тиэрдибитэ[5]. 2012 сыллаахха холуочуйан массыына ыыппытын иһин усулуобунайдык сууттаммыта уонна Малибуга баар The Canyon диэн реабилитационнай кииҥҥэ эмтэммитэ.

2014 сыллаахха артыыһы эмиэ психиатрическай клиникаҕа киллэрбиттэрэ. Онтон тахсан баран үөрэххэ киириэн уонна артыыс үлэтигэр төннүөн баҕарарын туһунан эппитэ. Paper сурунаалга (2018 с.) биэрбит интервьютугар Байнс ааспыт наркотиктары кытта кыһалҕаларын билиммитэ[6].

2019 уонна 2023 сылларга артыыс хос ыалдьан эмиэ эмтэниини ааспыта. 2025 сыл туругунан психиатрическай клиникаҕа сылдьар[7][8].

Фильмография

Сыл Аата Оригинал аата Оруол
1999 с Арлисс Arli$$ Кристал Дюпре
2001 с Комната кошмаров The Nightmare Room Дэниэль Уорнер
2002 ф Большой толстый лжец Big Fat Liar Кейли
19962002 с Всякая всячина All That араас оруоллар
20012002 мс Ох, уж эти детки! Rugrats Тэффи
2003 мф Паутина Шарлотты 2: Великое приключение Уилбура Charlotte's Web 2: Wilbur's Great Adventure Нелли
2003 ф Чего хочет девушка What a Girl Wants Дафни Рейнольдс
2005 мф Роботы Robots Пайпер Пинвилер
2005 ф Любовь на острове Love Wrecked Дженни Тейлор
2006 ф Она — мужчина She’s the Man Виола Гастингс
20022006 с За что тебя люблю What I Like About You Холли Тайлер
2007 ф Лак для волос Hairspray Пенни Пинглтон
2007 ф Сидни Уайт Sydney White Сидни Уайт
2008 мс Гриффины Family Guy Анна
2008 тф Живое доказательство Living Proof Джейми
2009 тф Консервированный Canned Сара-Бет
2010 ф Отличница лёгкого поведения Easy A Марианна

Тус олоҕо

Байнс кэргэн тахсыбатаҕа. Араас кэмҥэ Таран Киллэм, Фрэнки Муниз, Сет Макфарлейн диэн артыыстары уонна Кид Кади диэн музыканты кытта көрсүһэ сылдьыбыта. 2019 сыллаахха Пол Майклы кытта сылдьыбыта, 2020 сыл олунньутугар кинини кытта сыбаайбаҕа бэлэмнэммитэ, ол эрээри сотору буолаат, арахсыбыттара[9].

Быһаарыылар

  1. Amanda Bynes Biography (1986–). FilmReference. Сигэнии күнэ: 19 От ыйын 2007. Архивировано 10 Кулун тутар 2019 года.
  2. Topel, Fred Amanda Bynes on Hairspray. CanMan (18 От ыйын 2007). Сигэнии күнэ: 19 От ыйын 2007. Архивировано 15 Балаҕан ыйын 2018 года.
  3. Steve & Barry’s US store closings can begin: court. Сигэнии күнэ: 29 Балаҕан ыйын 2017. Архивировано 4 Тохсунньу 2022 года.
  4. Spunberg: Amanda Bynes was "All That". Picktainment.com (22 Бэс ыйын 2010). Сигэнии күнэ: 29 Сэтинньи 2010. Архивировано 20 Сэтинньи 2010 года.
  5. Amanda Bynes' bong arrest could bring more legal woes in L.A. Сигэнии күнэ: 12 От ыйын 2013. Архивировано 7 Бэс ыйын 2013 года.
  6. Amanda Bynes on the Cover of PAPER Break the Internet - PAPER. Сигэнии күнэ: 11 От ыйын 2019. Архивировано 11 От ыйын 2019 года.
  7. Аманда Байнс (рус.). 24SMI. Сигэнии күнэ: 27 От ыйын 2025.
  8. Александра Шайко. Что случилось с Амандой Байнс: почему она ушла из кино и чем живет сейчас (рус.). Кино Mail. Сигэнии күнэ: 27 От ыйын 2025.
  9. Staff, Us Weekly Amanda Bynes and Paul Michael's Relationship Timeline. Us Weekly (28 Муус устар 2022). Сигэнии күнэ: 27 От ыйын 2025.

Эбии бу тиэмэҕэ