Поляктар
Поляктар (пол. Polacy) диэн арҕаа славяннар киирэр омук. Польша Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн нэһилиэнньэтэ (96 %). Поляктар уопсай ахсааннара — 55 мөл кэриҥэ киһи, онтон Польшаҕа — 38 мөл. Аан дойдуга поляктартан төрүттээх дьон ахсаана — 60 мөл киһи. Поляктар диаспоралара Полония диэн ааттаах. Поляктар үгүстэрин төрөөбут тыллара — индоевропейскай тыллар славян тылларыгар киирэр поляк тыла.
Поляктар уруккуттан итэҕэллэрэ — католицизм. 1917 сыллаахха дылы поляктар Арассыыйа империятын саамай элбэх ахсааннаах омуктарын ахсааныгар киирэллэр этэ. Бүтүн Сойуустааҕы биэрэпис түмүгүнэн 1989 сыллаахха Сэбиэскэй Сойууска 1 126 334 поляк олорор этэ.
Саха сиригэр биллибит поляктар
| Бу туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |
Бу ыстатыйаҕа дааннайдар туругунан бэриллибиттэр. |