Алексеев Иван Гаврильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Алексеев Иван Гаврильевич

Алексеев Иван Гаврильевич — бэйиэт, драматург, суруналыыс. Арассыыйа Суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ. СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.

1933 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр колхуостаах ыалыгар төрөөбүтэ. Аҕата Егоров Гаврил Алексеевич 1942 сыллаахха Москва куораты көмүскээбитэ уонна суорума суолламмыта.

1951 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрбитэ. 1956 сыллаахха Саха Ил Университетыгар киирэн баран 1961 сыллаахха бүтэрбитэ. Идэтэ нуучча тыла уонна литературата. Телевидение уонна радио комитетыгар 32 сыл редакторынан үлэлээбитэ. 1995 сыл муус устар 14 күнүгэр өлбүтэ.

Айымньылара

  • Бэс туорааҕа. Оҕолорго хоһооннор. — Дь.:Кинигэ кыһата, 1959. — 36 с.
  • Дорообо, кэлэр кэм. Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1964. — 72 с.
  • Эйиэхэ. Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1969. — 48 с.
  • Суоһалдьыйа Толбонноох. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1978. — 72 с.
  • Күн ортото. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1981. — 50 с.
  • Көмүс чүмэчи. Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1988. — 80 с.
  • Ытык буор. Хоһооннор. — Сунтаар, 1992. — 74 с.

Ылыллыбыт сирэ

  • Писатели Якутии
  • Писатели земли Олонхо. Биобиблиографический справочник. — Дь.: Бичик, 2000 — ISBN 5—7696—1001—8