Аксаков Софрон Петрович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Аксаков Софрон Петрович
Төрөөбүт күнэ 1908({{padleft:1908|4|0}})
Төрөөбүт сирэ Далыр,
Марха улууһа,
Саха уобалаһа
Сулууспалаабыт дойдута ССРСFlag of the Soviet Union.svg ССРС
Сулууспалаабыт сыллара 1942—1945
Солото
Рядовой
Кыргыһыылар/сэриилэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ
* Сталинград кыргыһыыта
Наҕараадалара
Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана— 1985 «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл — 1945

Аксаков Софрон ПетровичАҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

Марха улууһун Оҥхой нэһилиэгэр (билиҥҥинэн Үөһээ Бүлүү улууһугар киирэр) 1908 сыллаахха төрөөбүт. Холкуоһу тэрийэр үлэҕэ сылдьыбыт.

1942 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Буденнай аатынан холкуоска бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан от ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1942 сыл балаҕан ыйыттан Сталинградскай, Волховскай, 2-с Прибалтийскай, Ленинаградскай фроннарга сэриилэспит.

Аҕа дойду сэриитигэр Сталинград куораты көмүскүүр сэриигэ 1942 сыллаахха 64-с стрелковай полкаҕа сэриилэспит. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр бааһырбыт. Онтон 1945 сылга диэри 8-с байыаннай дорожнай управленияҕа сулууспалаабыт. Ахтыытыгар суолдьут оҕоҕо Егоров Егорга кэлин 1970 сыллаахха маннык суруйбут: «Миигин кытта бииргэ сылдьыбыт киһи Дүллүкү нэһилиэгэр баар Васильев Сергей диэн... Элбэх оһуобай түгэн диэн суоҕа. Арай 9-с рота политруга окуопа тас өттүгэр бааһырыы ылан охтубута. Ону мин соһон окуопаҕа киллэрбитим... Ол иһин Бойобуой үтүөлэрин иһин мэтээлинэн наҕараадалаабыттара».[1]

Наҕараадалара

Быһаарыылар

  1. Г. И. Васильев. Сталинграды көмүскэспит буойуннар. — Дь.: Бичик, 2013. — 126 с. — ISBN 978-5-7696-3880-0
  2. Карточка награжденного в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  3. Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»