Аврора (авиакомпания)
ААУ «Авиакомпания «Аврора» ОАО «Авиакомпания «Аврора» | |||
---|---|---|---|
IATA HZ | ICAO SHU | Кода Aurora | |
Тэриллиитэ | 2013 | ||
Ыпсыылара | Focus cities | Арассыыйа Илин Уһуга | |
Frequent flyer program | Аэрофлот Бонус | ||
Member lounge | суох | ||
Alliance | суох | ||
Флотун ахсаана | 19 (+2 сакаастаммыт) | ||
Сырыылара | 20 | ||
Parent company | Аэрофлот | ||
Салалтата | , Южно-Сахалинскай | ||
Тутаах дьоно | Константин Сухоребрик[1] (генеральный директор) | ||
Уэбсайт: www.flyaurora.ru |
«Аврора» — Южно-Сахалиҥҥа уонна Владивостокка бахалаах Арассыыйа Уһук Илинигэр үлэлиир хампаанньа. 2013 сыллаахха Аэрофлот бас билэр икки хампаанньаларын (Владивосток-Авиа уонна Сахалинские авиатрассы) холбообуттарыттан тахсыбыта.[2]. Уһук Илин уонна Сибиир куораттарын холбуур уонна Кытайга, Кэриэйэҕэ уонна Дьоппуоҥҥа көтөр.
Үлэтэ
«Аврора» көтөр аал хампаанньата атын хампаанньалары кытта, ол курдук «Japan Airlines» уонна «Asiana Airlines», ону тэҥэ Арассыыйа хампаанньаларын «Аэрофлот — российские авиалинии», «S7 Airlines» уонна да атыттары кытта код-шеринг уонна интерлайн сөбүлэһиилэригэр олохтонон тэҥҥэ үлэлэһэр.
2013 сыл.
2013 сыллаахха 300 тыһ пассажирдары таспыт, ол аата 2012 сылы кытта тэҥнээтэххэ 1,5%ынан элбэх. Иркутск, Новосибирск, Красноярск, Петропавловск-Камчатскай, Благовещенск, Магадан, Пусан уонна Гонконг куораттарга рейстар сылдьар буолбуттара.
2014 сыл.
2014 сыл бастакы аҥарыгар 465 636 киһи таһыллыбыт.
Былааннара
Көтөр аалларын улаатыннарыытын кэнниттэн 2018 сылга рейстарын ахсаана 534-кэ дылы уонна сырыыларын 128-ка дылы улаатыннарыахтаах, уонна 2,4 мөл пассажиры таһыахтаах. Анадырь уонна Дьокуускай куоракка сырыыларын саҕалыахтаах уонна дойду ыккардыгар сырыылара тэнийэр былааннаах.[3]
Көтөр ситимэ
Россия
Регион ыккардынааҕы (Сибиир уонна Уһук Илин куораттара):
- Южно-Сахалинск — «Хомутово» дойду ыккардынааҕы аэропорда Основной Хаб
- «Хабаровск-Новый» дойду ыккардынааҕы аэропорда Хаб
- «Кневичи» дойду ыккардынааҕы аэропорда Хаб
- Благовещенскай — «Игнатьево» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Елизово» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Сокол» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Иркутск» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Толмачёво» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Емельяново» дойду ыккардынааҕы аэропорда
Уобалас иһинэн (Сахалинская область):
- Южно-Курильск — «Менделеево» аэропорда
- Курильск — «Буревестник» аэропорда
- Оха — «Оха» аэропорда
- Шахтёрск — «Шахтёрск» аэропорда
Дойдулар ыккыардынааҕы ситимэ:
Азия
- Кытай
- «Тайпин» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Чхеклапкок» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Чжоушуйцзы» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- Кэриэйэ
- «Инчхон» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Джимба» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- Дьоппуон
- «Новый Титосэ» дойду ыккардынааҕы аэропорда
- «Нарита» дойду ыккардынааҕы аэропорда
Флота
«Аврора» авиахампаанньа 2014 сыл сэтинньи ый туругунан 19 көтөр ааллаах:
Көтөр аал арааһа: | Хас: | Бортобуой нүөмэрэ: | Дьону киллэриитэ (С — Бизнес; Y — Эконом): | Быһаарыылар: | |
---|---|---|---|---|---|
Airbus 319-100 | 6 (+ 1 сакаастаммыт) | VP-BWK,
VP-BUK, VP-BUN, VP-BUO, VP-BWL, VQ-BBD. |
C8 + Y120 (128 миэстэ) | Аэрофлоттан киллэриллибиттэр. VP-BWK бортобуой нүөмэрдээх көтөр аал хампааньа сүрэхтэниитигэр көрдөрүлүбүтэ: | |
Boeing 737-200 | 2 | RA-73003,
RA-73005. |
C8 + Y101 (109 миэстэ) | Кэлин туттууттан тахсыахтанара былааннанар | |
Boeing 737-500 | 3 (+ 1 сакаастаммыт) | RA-73002,
RA-73006, RA-73013. |
C8 + Y102 (110 миэстэ) / C10 + Y101 (111 миэстэ) | Бастакы көтөр аал 2009 сыл сэтинньитигэр баар буолбута. | |
Bombardier Q200 (DHC 8-200) | 2 | RA-67257,
RA-67259. |
C0 + Y37
(37 миэстэ) |
Чартер көтүүлэргэ туттуллар. Кэлин Bombardier Q400 солбуйуйохтаах. | |
Bombardier Q300 (DHC 8-300) | 5 | RA-67251,
RA-67253, RA-67255, RA-67261, RA-67263. |
C0 + Y50
(50 миэстэ) / C8 + Y24 (32 миэстэ) |
Регион иһигэр көтүүлэргэ туттуллар. Биир көтөр аал санитарнай авиацияҕа туттуллар | |
DHC-6 Twin Otter | 1 | C0 + Y19
19 миэстэ |
Регион иһинэн көтөргө туттуллар |
Быһаарыылар
Бу хампаанньа уонна тэрилтэ туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |