Korean Air

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Korean Air
대한항공
Daehan Hanggong
KoreanAir logo.svg
ИАТА
KE
ИКАО
KAL
Позывной
KOREAN AIR
Тэриллиитэ 1969
Базовые аэропорты Международный аэропорт Сеула Инчхон
Хабы
Альянс Skyteam Logo 001.svg SkyTeam
Слоган Excellence in Flight
Флотун ахсаана 156 (2021 сыл атырдьах ыйа ) [1]
Пунктов назначения 150
Материнская компания Hanjin[d]
Листинг на бирже Халыып:KRX|003490}}
Салалтата Соҕуруу Кэриэйэ Инчхон, Сеул, Соҕуруу Кэриэйэ
Тутаах дьоно Чхо Янхо (Cho Yangho) (CEO)
Ситим-сир koreanair.com
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Korean Air (Кореан Эйр, Кэриэйэ авиа хампаанньата) — Соҕуруу Кэриэйэ уонна аан дойду бөдөҥ авиа хампаанньаларыттан биирдэстэрэ.

Korean Air аан дойду саамай бөдөҥ 20 авиа хампаанньаларыттан биирдэстэрэ. 45 дойду 128 куоратыгар көтөр. Дойду иһинэн 12 сиргэ көтөр. Сүрүн хаабтара Сеул икки аэропорда — Инчхон уонна Кимпхо. Korean Air штаб-квартирата Сеулга Кансогу оройуонугар баар[1] бөдөҥ филиаллара Чеджу аоэропорка уонна Пусааннааҕы Кимхэ аэропорка бааллар.[2]

SkyTeam альянс төрүттээччи хампаанньалартан биирдэстэрэ. 2018 сыллаахха Кэриэйэҕэ буолар XXIII Пхенчан Олимпия оонньууларын официальнай спонсора буолбута.

Airbus A380 — Korean Air Lines бастакы A380 сөмүлүөтү тутар, 2011 с., ыам ыйа

Korean Air хампаанньаны 1962 сыллаахха Соҕуруу Кэриэйэ бырабыыталыстыбата 1948 сыллаахха тэриллибит Korean National Airlines хампаанньа оннугар тэрийбитэ.

1984 сыл кулун тутар 1 күнүгэр авиа хампаанньа аатын Korean Air Lines диэнтэн Korean Air диэҥҥэ уларыппыта. Соҕуруу Кэриэйэ былааҕа («Тхэгыкки») истииллэх ливрея киллэриллибитэ: үрүҥ көмүстээх халлаан күөҕэ. Бу ливреяны Korean Air Boeing корпорацияны кытта оҥорбута уонна аан бастаан Fokker F28 сөмүлүөттэргэ туттубута.

2007 сыл кулун тутарыгар Korean Air хампаанньаҕа 16 623 киһи үлэлиир этэ.[2] Ол сыл бэс ыйын 5 күнүгэр хампаанньа бэйэтин иһинэн чэпчэки сыананы тутуһар Jin Air хампаанньаны тэрийбитэ. Бу саҥа хампаанньа «Korea Train Express» тимир суол хампаанньатын кытта күрэстэһэр соруктаах. Саҥа лоу-костер Сеул уонна Чеджу ыккардыларыгар көтөн 2008 сыл от ыйын 17 күнүгэр үлэтин саҕалаабыта. Korean Air салалтата этэринэн «оҕо» хампаанньаҕа эбии Boeing 737 уонна Airbus A300 сөмүлүөттэр бэриллиэхтээхтэр.

  1. «Company Info / OverviewKorean Air
  2. 1 2 Directory: World Airlines, Flight International (3 Муус устар 2007 </noinclude>), С. 102.