Абырах (атын суолтата)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Абырах диэн итирии кэнниттэн ыарыйдахха кыратык арыгы иһэн эмтэнии ааттанар.

«Һуу, айыы-айа. Бу ханна баарбыный? Баһым хампы бараары гынна»,- диэн бэҕэһээ улаханнык арыгы иһэн кэбиспит киһи, сарсыарда уһуктан баран айманар, санааргыыр, хайдах манныкка тиийэн хааллым диэн кэмсинэр, кэлэнэр. Тамаҕа куура хаппытыттан уу иһэн абыранаары, арай тураары гыммыта мэйиитэ эргийэриттэн, кыайан турбакка орон баһыттан тутуста, салҕалыы-салҕалыы туран хаама сатаата. Иҥнэри бара сылдьарыттан кыайан хаампакка онтон-мантан тутуста. Бэрт эрэйинэн, олоппоһу түҥнэри көтөн уу баар сиригэр, куукунаҕа тиийэн кыраантан куруускаҕа куттаары гыммыта, илиитэ истибэккэ, быһа салҕалаан иһитин да таба куппата.

Төбөтүнэн таҥнары түһэн кыраантан бэйэтиттэн ыймахтаата. «һуу», -диэн өрүтэ уһуурбахтаан ылан баран, өссө омурдуталаата, арыычча уоскуйа быһыытыйда. Аны баһын дьэгдьитээри тымныы ууну оройугар куппута соччо туһалаабатыттан туох эмэ тиийимтиэ соҕус баара буоллар диэн санааҕа ылларда.

Тымныы уу куттан, баһа арыычча дьэгдьйэн дьыбаан аттыгар хаалларбыт бытыылкатыгар биир үрүүмкэ курдук арыгы тобоҕо ордубутун өйдөөн кэллэ. Тиэтэйэ-саарайа харбыалаһан тиийэн бытыылканы булан ылан ыстакааҥҥа куттан иһээт, сотору хараҕа сырдаан, баһын ыарыыта ааһа быһыытыйан, аны букатын көнөтүк хаамар киһи буола оҕуста.

«Һуу, хата бэркэ даҕаны, бу арыгы тобоҕун, абырах сыыһын ордорон хаалларбыт эбиппин. Абырахтана охсоммун син бэттэх кэллим дии»,- диэн абыраммыт, дьэгдьийбит киһи үөрдэҕэ үһү.

Арыгыны аһара иһииттэн бас алдьаммытын, ыалдьыбытын түргэн үлүгэрдик суох оҥорон, эмтии охсору биллэрэр «абырах» диэн тыл сахаларга хантан кэлэн баар буолан хаалла. Эчи сөп түбэһэрэ да бэрт. Түргэн үлүгэрдик таҥас алдьаммытын хам анньан дуу, хам баайа охсон дуу абырахтаан кэбиспит курдук. Үрүүмкэ курдук арыгыны ылан иһэн кэбистэххэ, төбө ыарыыта мүлүрүйэ түһэр буоллаҕа үһү. Көр, төбө ыарыыта итинник түргэнник ааһарын олус былыргыттан үчүгэйдик билэннэр «абырах» диэн ааттаатахтара дии. Абырал буоларын өбүгэлэрбит чахчы билэллэр эбит.

Арыгы иһэн баран ыарыйдахха, өлөртөрдөххө кыра эмэ, биир да үрүүмкэ арыгыны хантан эмэ булан истэххэ, «абырахтана» охсон, салҕалаабыта ааһан, төбөтө дьэгдьийэн, киһи үчүгэй буолан хаалара биллэр суол. Олус ыарахан ыарыы кэнниттэн бу курдук, олус түргэнник үчүгэй буолан хаалыы, төбө ыарыыта ааһан хаалара үчүгэйэ, дөбөҥө, үөрүүтэ, киһини арыгыһыт буолууга үтүрүйэр күүһэ аһара улахан. Сымнаҕас майгылаах, атаах, ыараханы, ыарыыны тулуйа үөрүйэҕэ, өсөһө суох эдэр киһи төбөтүн ыарыыта ааһара дөбөҥүттэн, үчүгэйиттэн, хас арыгыны аһара истэҕин аайы абырахтанан иһэриттэн, онно түргэнник үөрэнэн хааларыттан арыгыһыт буолара түргэтээн хаалар. Бу быһаарыыттан тирэх ылан «Атаах киһи арыгыһыт буолар» диэн этии үөскээбитэ чахчы.

Арыгыны бэйэтэ иһэн, итирэн боруобалаабатах киһи арыгы хайдах дьайарын ситэ билбэт, кини арыгыны иһимэҥ диэн үөрэтэрэ ханнык эрэ кинигэни аахпытыттан эбэтэр истибититтэн эрэ буолуон сөп. Маннык үөрэх атыттарга, боруобалааһына суох буоларыттан тиийимтиэтэ кыра. Бэйэтэ арыгыттан эрэйдэммит, куһаҕанын чахчы билбит уонна бэйэтин кыана туттунан арыгыны иһэрин бырахпыт киһи үөрэтэрэ олохтоох, дьоҥҥо тиийимтиэ.

Аан маҥнай итирэн өйдөммүт киһи олус санааргыыр, сыыһаны оҥорбутуттан, куһаҕаннык быһыыламмытыттан кэмсинэр. Бу кэмҥэ киниэхэ киһилии сыһыаннаһыы, өйдөөн көмөлөһүү итирии, сыыһа туттуу өссө хатыланара суох буоларыгар олук буолар.

Оскуоланы бүтэрэн саҥа үлэһит буола сылдьан табаарыһым төрөөбүт күнүгэр үөрүүбүттэн аһара иһэн кэбиһэн итирэн хаалбыт этим. Айдаан-куйдаан бөҕө үһү, дьиэбэр тутан аҕалбыттар. Сарсыарда ынырык төбө ыарыыта. Нэһиилэ туран салбыҥнааһын. Эбэм арыгы иһэн баран ыарыйдаххына «Абырахтаммат эрэ буол» диэн этэн, үөрэтэ-үөрэтэ балык буһара охсон итии миини тото иһэрдэн киһи-хара оҥорбутун букатын умнубаппын.

Алҕас иһэн кэбиһиллибит элбэх арыгы киһи этиттэн-сииниттэн ыраастанан сотору тахсан хаалар. Медицина үөрэҕэ этэринэн 6 эбэтэр 8 хонугунан киһи биирдэ испит арыгытыттан ыраастанар. Сити кэнниттэн арыгы иһэри бырахтаҕына киһи этигэр-сиинигэр улахан уларыйыы тахсыбакка ааһан хаалыан сөп. Биирдэ эмэтэ итириэр да диэри иһэн кэбиһэр киһи арыгыһыт буолбатах, ханнык эрэ атын биричиинэттэн аһара иһэн кэбиһэр буолуон сөп.

Эдэр киһи сыыһа туттаран элбэх арыгыны иһэн кэбистэҕинэ нөҥүө күнүгэр төбөтө ыалдьан нэһиилэ сыыгынаан сылдьар. Бу аата кини этигэр-сиинигэр соһуччу элбэх арыгыны испитэ дьааты испит курдук дьайыытын түмүгэ буолар. Итирбитин этэҥҥэ аһаран, арыгыттан ыалдьыбыта аастаҕына эдэр киһи эмиэ үчүгэй буолан, доруобуйата тупсан санаата табыллан сылдьар. Алҕас туттаран биирдэ элбэх арыгыны иһэн кэбиһии, киһиэхэ дьааты испит кэриэтэ дьайара кырдьык.

Эбэбит Лөкүө эмээхсин улаатан истэхпитинэ: «Арыгыны аһара истэххитинэ даҕаны, хаһан да абырахтаммат буолуҥ, оччоҕуна арыгыһыт буолуоххут суоҕа»,- диэн үөрэтиитэ олус таба буоларын билигин кэлэн, сааһыран баран, дьэ биллибит. Бу үөрэҕи олохпут устата кытаанахтык тутуһа сылдьыбыппыт арыгыга ылларыыттан чахчы харыстаата.

Бу эбэбит этиитэ саха кырдьаҕастара урут даҕаны арыгыһыт буолбат иһин охсуһалларын уонна арыгы дьайыытын үөрэппиттэрин бэлиэтиир. Арыгы маҕаһыын аайы дэлэччи анньыллан турдаҕына, ким да арыгы көрдүү, ону булары “проблема” оҥосто сылдьыбат буолар. Иҥэмтэлээх аһылыгы аһыы-аһыы арыгыны истэххэ киһи эмискэ итирэн хаалбат диэн эбэбит этэрэ арыгы дьайыытын кыччатыыга олус туһалаах.

Олох сайдан истэҕинэ арыгы эмиэ дэлэйэн испитэ, араас бобууну-хаайыыны киллэрэ сатаабыттара. Сэттэ, аҕыс уонус сыллардаахха өссө элбээбитэ. Биирдэ эмэ ханнык эрэ хампаанньаҕа кыттыһан эдэр киһи арыгыны аһара иһэн кэбиһэрэ баар буолар этэ. Нөҥүө күнүгэр өйдөнөн-төйдөнөн баран эбэм эппитин өйдөөн кэлэн туох баар тулуурбун барытын мунньунан тулуйан, хаһан да абырахтаммакка эрэ аһаан, миин иһэн арыгыны аһарынар этим.

Билигин сааһыран олорон санаан көрдөххө кырдьаҕас эбэбит арыгы туһунан билиитэ олус киэҥ, дириҥ эбит. «Арыгы испит, итирбит киһини мөхпөт, кыйахалаабат баҕайы» диэн куруук этэрэ.

Бу кэмҥэ өй-санаа үөрэҕин дириҥник хасыһаммын эбэм ити этиитэ олус табатын бигэргэтэр кыахтанным. Киһи итирэн өйө, салгын кута көппүтүн кэннэ ийэ кута кинини быһаччы салайар. Бу кэмҥэ киһи бэйэтин иннин көрүнэр, этин-сиинин баҕатын урутаан толорор кэмэ кэлэр. Куһаҕаннык, сөбүлээбэтин этиттэрдэҕинэ, өһүргэнэрэ түргэниттэн сыыһа-халты туттунара киирэн кэлиэн сөп. Манна кэлэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибититтэн итирдэҕинэ оҥорор быһыылара быһаччы тутулуктаахтара дакаастанар. Өй-санаа туругун дириҥник үөрэппит кырдьаҕастар этиилэрэ олох салҕанан истэҕинэ ити курдук дакаастанан иһэллэр. (1,18).

Арыгы диэн туһалаах аһы киһи быһыылаахтык, аһара барбакка эрэ аһыырга үөрэнии киһиттэн ирдэнэр олох биир тутаах көрдөбүлэ буолар. Киһи бары кыаҕын, тулуурун киллэрэн арыгыны кэмнээн иһэргэ эбэтэр төрүт испэккэ эрэ олоҕун олороро өйүттэн-санаатыттан ордук улахан тутулуктаах, ол иһин төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн өйүн-санаатын бөҕөргөтөн, өһөс, тулуурдаах буолуутун урут бастаан сайыннараллара ирдэнэр. (2,57).

Туһаныллыбыт литература

1. "Туймаада" хаһыат. №250. 24.04.2015.

2. Каженкин И.И. Өй көтүүтэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2018. - 152 с.

Өссө маны көр