Аан Айылгы "Сиинэ"
Аан Айылгы «Сиинэ» — Саха сирин ураты ытык харыстанар сирэ. Аан Айылгы «Сиинэ» атырдьах ыйын 12 күнүгэр 1996 сыллаахха Саха сирин Бырабыытылыстыбатын уурааҕынан төрүттэммитэ. Соҕурулуу-илиңңи Орто Сибирь хаптал хайатыгар Горнай улууьугар 1.4 мөлүйүөн гектар иэннээх сири ылан турар (Горнай улууhун уопсай иэниттэн 32,3%). Сиинэ өрүс тардыытыгар 3300 кэриӊэ кыра уонна улахан күөл баар.
Географията
Аан Айылгы үгүс өттө Өлүөнэ арҕаа эҥэринээҕи орто сүүрүгүн эргин түһэр былыр-былыргыттан ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут тыытыллыбатах үтүө-кэрэ оттоох-мастаах, үргүбэтэх көтөрдөөх-сүүрэрдээх Сиинэ салаа үрэх ыраахха диэри тардыытыгар тайаан сытар. Арҕаа өттүнэн Саха сиринээҕи Киин дэхси сири быысаһар итиэннэ Өлүөнэ-Бүлүү тардыыларын соҕуруу өттүн сорҕотун хабар. Бу сир-уот харыстанар уонна туһаныллар анала айылҕатын, историческай-культурнай итиэннэ социальнай уратыларыттан көрөн араастаһар.
Аан Айылгы "Сиинэ" зоналара
Айылҕа пааркатыгар маннык зоналар олохтонон тураллар:
Бастакытынан, 238,5 гектар иэннээх Чына үрэх ортолуу – үөһээ өттүн, Кэйбэлэ, Атырдьах уо.д.а. үрүйэлэр тардыыларын хабар тыытыллыбат сирдэр. Баларга харыстыыр дьаһаллартан уонна научнай чинчийиилэртэн ураты ханнык даҕаны үлэ ыытыллара көҥүллэммэт.
Иккиһинэн, сөбүгэр хааччахтаммыт кээмэйдээх сынньанар зона. Иэнэ – 46,0 тыһ. гектар. Онно киһитин ахсаана биллэр буоллаҕына сырытыннараллар. Чына, Чыыра, Матта үрэхтэр уонна уонча үрүйэлэр эҥэр хас да учаастакка сынньаныахха сөп.
Үсүһүнэн, айылҕаны үгэс буолбут көрүҥүнэн туһаныыга анаммыт сир-уот. Бу 1176 гектардаах иэҥҥэ икки быысаһар учаастак баар: а) хаһаайыстыбаҕа уонна актыыбынай сынньалаҥҥа туһаныллар сир; б) айылҕаны сөбүн көрөн туһанар сир.
Хамсыыр-харамай
Сиинэ паарката Саха сирин ордук элбэх дэҥҥэ көстөр хамсыыр хармайдарынан биллэр, ол курдук тайах, кыталык, бүүчээн, туртас, бөрө, эһэ, мас көтөрө, балык бааллар.
Бу Арассыыйа географиятыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |