Черскэй хайалара

Черскэй хайалара. Саха Сиригэр уонна Магадан уобалаһыгар баар хайалаах дойду.

Халыма баһыттан Дьааҥыга диэри. Устата 1500 км. Ордук үрдүк хайа Улахан Чиистай сискэ баар Победа (3004 м.) Тус туһунан массивтардаах. Билиҥҥиннэн 11 сис араараллар.

Уопсайынан 372 тарыҥ баар. Индигир быһа охсор. Хайа боруодата үксүнэн палеозой известняктара, триас кумахтара уонна сланецтара.

Хайалар эниэлэрин алларааҥҥы өртүгэр тиит мас үүнэр. Муора таһымыттан 600 м. ыла хайа таастаах туундара.

Геолог уонна географ Черскэй И.Д. аатынан ааттаммыта.

Ылыллыбыт сирэ

Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.

Категориялар