Химия формулата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Химия формулата диэн хаам, тире тутталлар. химия хардатын көрдөрөллөр.

Холобурдар:

  • Метан биир харыалык (С) атомнаах уонна түөрт уулук (Н) атомнаах, химия формулата маннык: CH4
  • Глюкоза алта харыалык (С) атомнаах, уон икки уулук (Н) атомнаах, алта абалык (О) атомнаах, химия формулата маннык: C6H12O6

Көрүҥнэрэ

Химия билимэ араас кэрэхсэбиллээх буолан араас формула типтэрэ бааллар. Кинилэр хас биирдиилэрэ уратылардаахтар уонна туһаныылаахтар.

Эмпирик формула

Эмпирик формула (судургу формула, дьиҥ формула, рационал формула) атом бэлиэтиттэн уонна индекстан турар. Бу холбоһук иһилигин көрдөрөр ордук судургу формула буолар. Атом бэлиэлэрин суруллуутун сурума холбоһук тибын критерийынан быһаарыллар. Критерийа суох буоллаҕына бэлиэлэр алпабыыт сурумунан суруллаллар. Туорааһын быһыытынан, харыалык холбоһуктарга бастакынан С бичик турар, иккиһинэн Н.

BrClH3N2NaO2Pt
C10H10ClFe
NO2

Тутул формулата

Тутул формулата куйаарга хайдах оруннаахтарын ойуулаан көрдөрөр. Атомнар бэйэ бэйэлэрин кытта ситимнэрэ сурааһыннарынан бэлиэтэнэллэр. Тутул формулалара икки (2D) уонна үс (3D) кээмэйдээхтэргэ арахсаллар.

Ацетон тутулун формулалара