Фукуока префектурата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Халыып:Дьоппуон префектуралара

Фукуока (дьоп. 福岡県 Фукуока-кэн) — Кюсю арыы хоту илинигэр баар Дьоппуон префектурата. Префектура болуоссата 4978,51 км², олохтоохторун ахсаана — 5 091 547 киһи (2014 сыл атырдьах ыйын 1 күннээҕи туругунан). Административнай киинэ — Фукуока куорат.

Фукуока префектуратын каартата

География

Фукуока префектурата үс өрүттэн муораҕа тахсыылаах, Сага, Оита и Кумамото диэн префектуралары кытта кыраныссалаах. Фукуока префектуратыгар икки улахан Фукуока уонна промышленнай куорат Китакюсю.

Административнай тыырыллыыта

уезд баар (30 бөһүөлэк уонна икки сэлиэнньэ). Префектурата саамай бөдөҥ куораттара Фукуока уонна [Китакюсю]]. Кюсю хоту өттүгэр баар кыра арыылар эмиэ префектураҕа киирэллэр.

Куораттар

Префектура куораттара:

Асакура;
Будзен;
Дадзайфу;
Иидзука;
Итосима;
Кама;
Касуга;
Китакюсю;
Кога;
Куруме;
Миявака;
Мияма;
Мунаката;
Накама;
Ногата;
Огори;
Окава;
Омута;
Онодзё;
Тагава;
Тикуго;
Тикусино;
Укиха;
Фукуока;
Фукуцу;
Юкухаси;
Яме;
Янагава.

Уокуруктар

бөһүөлэктэр уонна сэлиэнньэлэр :

Тикуси;
Накагава;
Касуя;
Касуя;
Сасагури;
Симе;
Сингу;
Суэ;
Уми;
Хисаяма;
Онга;
Асия;
Мидзумаки;
Окагаки;
Онга;
Курате;
Котаке;
Курате;
Кахо;
Кейсен;
Асакура;
Тикудзен;
Тохо;
Мии;
Татиараи;
Мидзума;
Оки;
Яме;
Хирокава;
Тагава;
Ака;
Итода;
Кавара;
Кавасаки;
Ото;
Соэда;
Фукути;
Мияко;
Канда;
Мияко;
Тикудзё;
Йоситоми;
Коге;
Тикудзё.

Символиката

Префектура эмблемата хирагана бэлиэтиттэн турар: «фу» (?) уонна «ку» (?), ол аата «фукуока» диэн тыл бастакы буукубалара[1]. Префектура былааҕа эмиэ ол сыл бигэргэммитэ. Префектура сибэккитинэн Дьоппуон сливатын 1954 сыллаахха кулун тутар 19 күнүгэр талбыттарра,маһынан — рододендрону (1966 балаҕан ыйын 5 күнүгэр), көтөрүнэн — кылгас кынаттаах камышевканы  (1964 сыл от ыйын 3 күнүгэр)[1].

Көлө

Тимир суол

Дьоппуон Арҕаа тимир суолун хампаанньата (West Japan Railway Company) ](=JR Nishinihon)
Саньо Синкансен (Sanyō Shinkansen)
Хаката Минами Лайн (Hakata Minami Line)
ДжиАр Кюсю (JR Kyushu)
Кюсю Синкансен (Kyūshū Shinkansen), Кагосима сүрүн лииньийэтэ (Kagoshima Main Line), Чикухо сүрүн лииньийэтэ (Chikuhō Main Line), Ниппо сүрүн лииньийэтэ (Nippō Main Line), Күдэй сүрүн лииньийэтэ (Kyudai Main Line)
Чикухи лииньийэтэ (Chikuhi Line), Готодьу лииньийэтэ (Gotōji Line), Касии лииньийэтэ (Kashii Line), Хитакикосан лииньийэтэ (Hitahikosan Line), Сасагури лииньийэтэ (Sasaguri Line).
Ниши-Дьоппуон тимир суола (Nishi-Nippon Railroad)
Тэндьиин Омуута Лииньийэ (Tenjin Ōmuta Line), Дазайфу лииньийэтэ (Dazaifu Line), Нишитеци Амаги Лииньийэ (Nishitetsu Amagi Line), Кайзука Лииньийэ (Kaizuka Line).
Амаги Тимир суола (Amagi Railway)
Амаги тимир суолун Амаги лииньийэтэ (Amagi Railway Amagi Line)
Хейсеи Чикухо тимир суола (Heisei Chikuhō Railway)
Ита лииньийэ (Ita Line), Итота лииньийэ (Itota Line), Тагава лииньийэ (Tagawa Line)
Фукуока куоратын метрота Fukuoka City Subway
Куко лииньийэ (Kuko Line, Fukuoka), Хакозаки лииньийэ (Hakozaki Line), Нанакума лииньийэ (Nanakuma Line).
Китакуиси монорельсэлээх тимир суола Kitakyushu Monorail.

Култуурата

Фукуока уус-уран түмэлэ (Fukuoka Art Museum) – Охори паарка5а, аан дойдуттан барытыттан аҕалыыллыбыт уус-уран оҥоһуктар көрдөрүүгэ бааллар.
Фукуокатааҕы Азия уус-уран түмэлэ (Fukuoka Asian Art Museum) – Азия континенын дойдуларын уус-уран ускуустубатын көрдөрөр.
Фукуока куоратын түмэлэ (Fukuoka City Museum) – олохтоох култуураны киэҥник сырдатар, көрдөрүүгэ турар маллар быыыстарыгар көмүс бэчээт баар.
Устуоруйа түмлэрэ (Genko Historical Museum) (元寇史料館; Моҕуол саба түһүүтүн түмэлэ) Хигаси Коэн (Илин Паарка) иһигэр баар, дьоппуон уонна моҕуол 13-с үйэтээҕи сэриитин сэбэ көрдөрүүгэ турар, ону таһынан тиэмэҕэ сыһыаннаах хартыыналар бааллар, өрөбүл күннэргэ аһыллар.
Хаката Мачия түмэлэ (Hakata Machiya Folk Museum) – Фукуока олохтоох култууратын, үгэстэрин, саҥарар саҥатын көрдөрөр түмэл.
Фукуока кириэппэһэ – Чуй-Ку (Chūō-ku) сиригэр баар заамок.
Хаката Гион Ямакаса (Hakata Gion Yamakasa) – Дьоппуон бэстибээлэ, от ыйын 1–15 күннэригэр бырааһынньыктыыллар.
Охори паарка (Ōhori Park) – кэрэ көстүүлээх сир.
Куиси судаарыстыба түмэлэ (Kyushu National Museum) – Кюсю түҥ былыргы устуоруйатын, Мэйдзи уларыта тутуутугар диэри көрдөрөр. Ордук сиһилии Кюсю аттынааҕы Кэриэйэ уонна Кытай дойдуларын кытта ситимнэрин кэпсиир.
HKT48 тыйаатыра – HKT48 бөлөх күн аайы көрдөрөр шоута.
LinQ – "Кюсюгэ таптал" диэн ааттанар бөлөх, олохтоох тыйаатыр, субуотаҕа уонна баскыһыыанньаҕа Tenjin Best Hall диэн сиргэ испэктээкил көрдөрөр.

Университеттара

Фукуока университета (Фукуока)
Курумэ университета (Курумэ)
Кюсю технологияҕа университета (Китакюсю уонна Iizuka)
Кюсю университета (Фукуока уонна Касуга)
Seinan Gakuin University (Fukuoka)
Информатика билимин Кюсю инситутуа (Dazaifu)
Kyushu Sangyo University (Фукуока)
Фукуокатааҕы дьахтар университета (Фукуока)
Fukuoka University of Education (Мунаката, Фукуока)[2]

Бөдөҥ тэрээһиннэрэ уонна бэстибээллэрэ

1. Хаката Донау гавань бэстибээлэ (Hakata Dontaku Harbour Festival), Тэндьиин, Фукуока, ыам ыйын 3-4 күннэрэ
2. Хаката Гион Ямагаса (Hakata Gion Yamagasa), Кушида хыраама, Фукуока, от ыйа
3. Кокура Гион Ямагаса (Kokura Gion Yamagasa), Китакюсю, от ыйыгар
4. Тобата Гион Ямагаса (Tobata Gion Yamagasa), Китакюсю, от ыйыгар
5. Куросаки Гион Ямагаса (Kurosaki Gion Yamagasa), Китакюсю, от ыйыгар
6. Китахара Хакушу бэстибээл (Kitahara Hakushu Festival), Янагава, сэтинньи 1-3 кк


Салгын суола

Китакюсю саҥа аэропорда (New Kitakyushu airport)

Бырааттыы куораттар

Халыып:Country data АХШ Гавай, Америка Холбоһуктаах штааттара
Халыып:Country data Кытай Jiangsu Province, Кытай Норуодунай өрөспүүбүлүкэтэ
Flag of Индия Дели, Ииндийэ
Халыып:Country data Таиланд Баҥкок, Таиланд
Халыып:Country data Вьетнам Ханой, Вьетнам

Быһаарыылар

  1. 1,0 1,1 全国知事会ホームページ (jp). National Governors' Association. Тургутулунна 16 Бэс ыйын 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 15 Олунньу 2012.
  2. http://www.fukuoka-edu.ac.jp/

Ыйынньыктар