Филиппов Гаврил Гаврильевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Филиппов Гаврил Гаврильевич

Филиппов Гаврил Гаврильевич билэлиэгийэ билимин доктора, профессор, РФ педагогическай уонна социальнай билимнэрин академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, CӨ билимин үтүөлээх үлэһитэ.

1944 сыллаахха Тылгыны нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1962 с. Үгүлээт орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1962 с. үөрэммит оскуолатыгар математика уонна физкультура учуутала, интернат иитээччитэ.

1963—1966 сс. Сэбиэскэй Армияҕа сулууспалаабыта. 1966—1968 сс. «Мастаах» сопхуос оробуочайа, Коммунистическай үлэ ударнига.

1968—1973 сс. СГУ саха тылын уонна литэрэтиирэтин идэтин кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ.

1973—1974 с. Новосибирскай ГУ проф. Е. И. Убрятова салалтатынан научнай тиэмэтин анаппыта, экзамен туттарбыта. 1974 с. Тылгыны 8-с кыл, оскуолатыгар саха тылын учууталынан уонна үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1974 с. бүтүүтэ СГУ саха тылын уонна литэрэтиирэтин хаапыдыратыгар аҕа преподаватель быһыытынан үлэҕэ киирбитэ. 1991 с. хаапыдыра сэбиэдиссэйэ.

1992—2003 сс. саха билэлиэгийэтин уонна култууратын саҥа тэриллибит бакылтыатын декана. 2003 сылтан саха тылын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ.

1987 с. билэлиэгийэ билимин кандидата.

1999 с. билэлиэгийэ билимин доктора.

1991 с. — дассыан, 2000 с. — профессор аатын ылбыта. 2002 с. CӨ НА «Билимҥэ ситиһиилэрин иһин» бэлиэлээх.

2003 с. РФ педагогическай уонна социальнай билимнэрин академиятын дьиҥнээх чилиэнэ. 2005 с. CӨ билимин үтүөлээх үлэһитэ.

200-тэн тахса билимҥэ үлэлээх, ол иһигэр 20-чэ үөрэх кинигэтэ, брошюрата.

«Саха оскуолаларын саҥардан сайыннарыы көрүгэ» олоххо киирэригэр күүскэ үлэлэспитэ, СФКФ сүһүөҕэр туруорбута, ССҮ үнүстүүттэригэр уонна бакылтыаттарыгар саха тыла, төрүт култуура барамайдары киллэрбитэ[1].

«Сахатыйыы уонна саха тыла» диэн ыстатыйатыттан: Төрөөбүт тыл эйгэтэ киһиэхэ балык ууга, көтөр салгыҥҥа наадыйарын курдук суолталаах. Ол эрэн балык да, көтөр да ити эйгэтэ суох тыыннаах буолар кыахтара суох. Оттон төрөөбүт тыл киһиэхэ төрөппүттэриттэн бэриллэр социальнай көстүү буолан, кэскилэ, сайдыыта эйгэттэн улахан тутулуктаах. Тыл буомтуйуута омук кэхтэригэр тириэрдэрин үгүстэр өйдөөбөттөр, салгын, уу курдук төрөөбүт тыл өрүү баар, чөл буолуох курдук сыһыаннаахтар. Аҕыйах ахсааннаах омук тыла, кэскилэ хас биирдии киһи төрөөбүт тылыгар сыһыаныттан, оҕотугар иҥэрэриттэн быһаччы тутулуктаах.


Быһаарыылар

  1. «Ийэ тыл» көҥүл түмсүү 12 сыла. Эрэдээктэр Т. И. Петрова, Дьокуускай, 2007