Фафнир

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Фафнир моҕой сэбэригэр

Фафнир, эбэтэр Фафни (был.-исл. Fáfnir) — скандинав мифологиятын персонаһа, Хрейдмара диэн аптаах киһи уола, Уотра уонна Рээгин бииргэ төрөөбүттэрэ, кэнники луо буолбута. «Вэлсуннар туһунан сагаҕа» ахтан ааһыллар, эбии Рихард Вагнер «Нибелунг биһилэҕэ» диэн тетралогиятыгар.

Фафнир устуоруйата

Рээгин Фафнир диэн убайын өлөрүүгэ моһуйарга, биилэрин уонна Хрейдмар диэн аҕатын туһунан эдэр Сиигурга (Зиигфрикка) кэпсээбит. Хреймар үс уоллаах эбит: Уотр, Фафнир уонна Рээгин. Фафнир "улаханнара уонна ордук уордахтаара"[1].

Фафнир өлүүтэ

Сигурд Фафниры кырбыыр

Рээгин Сиигур иитээччитэ буолан, кинини Фафниры өлөрөргө кигэр. Фафниры кыайарга Сиигурга Грам диэн кылыһы уһанан оҥорор. Рээгин дьааманы хаһарга сүбэлээбит. Луо ууну иһэргэ сыылла сырыттаҕына кинини аллараттан суоһарыахтаах эбит. Рээгин көмүһү бэйэтигэр ыларыгар, моҕой өлөн баран Сиигуру хаанынан тимирдиэ диэн эрэммит. Ол саҕана Сиигурга биир оҕонньор[2] өссө биир дьаама хас диэн сүбэлээбит. Фафнир дьаама үрдүнэн сыыллан эрдэҕинэ, Сиигур хомурҕаныгар кылыһынан дьөлө аһар. Фафнир өлөрүөхсүт аатын ыйытар. Бастаан Сиигур аатын эппэт, кэнники син биир этэр. Фафнир Сиигур көмүһү ыллаҕына өлүүтүн билгэлээбит уонна Рээгин куһаҕан санаатын туһунан кэпсээбит. Ол кэннэ Рээгин кэлэн Фафнир сүрэҕин быһан ылар. Моҕой сүрэҕэ аптаах эбит, Сигурд сиэн баран көтөрдөр уонна кыыллар тылларын өйдүүр буолбут.

Фафнир култуураҕа

Киинэҕэ

  • «Нибелуннар биһилэхтэрэ» — 2004 сыллааҕы киинэ, «Нибелуннар туһунан ырыа» матыыбынан уһуллубут. Фафнир киинэ бастакы чааһыгар луо көрүнүгэр баар буолар.

Быһаарыылар

  1. Вельсуннар туһунан сага, 14 глава
  2. «Вельсуннар туһунан сага» атын эпизоттарын көрдөххө, Один буолуон сөп.