Зигфрид
Зигфрид (ниэм. Siegfried), Сигурд (был.-сканд. Sigurðr, sigr — «кыайыы», urðr — «дьылҕа») — Германо-скандинавскай мифологиятын уонна эпоһын улахан суолталаах геройдарыттан биирдэстэрэ, «Нибелуннар туһунан ырыа» героя.
Номоххо, Зигфрид элбэх кыайыылаах, улуу боотур үһү. Моҕойу кыайбыт үһү, сорох былыргы скандинав төрүттэргэ Фафнир диэн ааттаах. Кыыл хаанынан уонна сыатынан сибэнэн туох да хоппот буолбут, ол эрээри сиһигэр кыра аһаҕас хаалбыт. Кримхиилда куону, Гуунтэр диэн бургунд хоруол балтытын, кэргэн ыйыттарбыт. Гуунтэр Зигрфид киниэхэ Брүнхиилда куону кэргэн ыларыгар көмөлөстүн диэн сорудахтаабыт. Кэргэн ыйытарга Зигрфрид Гуунтэр оннугар Брүнхиилда биэрбит сорудахтарын ааспыт. Бириэмэ буолан баран, Брүнхиилда атастаһыы туһунан билэн, Хаагэн диэн Гуунтэр вассаалын Зигфриды өлөрөргө кучуйар. Булт кэмигэр Хаагэн Зигфрид кэбирэх сиригэр үҥүүнэн дьөлө аһар.
Номох төрүтэ
Искусствоҕа уонна массовай култуураҕа
Опера
- «Зигфрид» / Siegfried — Рихард Вагнер операта, «Нибелунг биһилэҕэ» тетралогия үһүс чааһа .
- «Таҥаралар өлүүлэрэ» / Götterdämmerung — Рихард Вагнер операта, «Нибелунг биһилэҕэ» тетралогия төрдүс чааһа.
Киинэ
- «Нибелуннар: Зигфрид» / Die Nibelungen: Siegfried (Веймар өрөспүүбүлүкэтэ; 1924) режиссёр Фриц Ланг, Зигфрид оруолугар — Пауль Рихтер.
- «Нибелуннар: Зигфрид» / Die Nibelungen, Teil 1 — Siegfried (ГФӨ, Югославия; 1966) режиссёр Харальд Райнль, Зигфрид оруолугар — Уве Бейер.
- «Нибелунг биһилэҕэ» (2004), Зигфрид оруолугар — Бенно Фюрман.
Аниме
- «Fate/Apocrypha» (2017)
Литэрэтиирэ
- Гуревич А. Я. Сигурд // Мифы народов мира : Энциклопедия. — М.: Российская энциклопедия, 1994. — Т. 2. — С. 432—433. — ISBN 5-85270-072-X.