Нибелуннар туһунан ырыа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
«Нибелуннар туһунан ырыа»
Das Nibelungenlied
Nibelungenlied2.jpg
Жанр геройдуу эпос
Ааптар биллибэт ааптар
Оригинал тыла Орто үөһээ ниэмэс тыла
Суруллубут күнэ-дьыла XII бүтүүтэ — XIII үйэ саҕаланыыта
Бэчээккэ тахсыбыт күнэ-дьыла 1203
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

«Нибелуннар туһунан ырыа» (ниэм. Das Nibelungenlied) — орто-үйэлээҕи гэрман эпичэскэй поэмата, XII—XIII үйэлэргэ билиллибэт ааптар суруйбут. Аан Дойдуга аатырбыт эпичэскэй айымньыларыттан биирдэстэрэ.

Поэма сюжета Кримхиилда диэн бургуун принцессатын кытта кэргэннэниитин, кэнники кини өлүүтүн туһунан. Кримхиилда бэйэтин ууһун утары гуннар баһылыктарын көмөтүнэн өстүһэр. Бу дьайыылары түргэтэр дьикти сиэхсит Хаагэн буолар.

Айымньы устуоруйата

«Нибелуннар туһунан ырыа» биһиэхэ уон рукопись (XIII—XVI үйэлэр) буолан тиийбит. 1757 сыллаахха И. Бодмер айымньы тиһэх чааһын уонна «Үҥсүү» (ниэм. Klage) диэн Этцель, Дитрих Гильдебранды кытта, Рүдигэр ыала уонна дьоно өлбүттэри ахталларын туһунан кыра поэманы бэчээккэ таһаарбыт[1]. 1782 сыллаахха К. Г. Мюллер «Нибелуннар» толору тиэкиһин таһаарбыт. XIX үйэ саҕалыытыгар поэма ырытыылара тахсыбыттар; биирдэстэрэ Ф. фон дер Гаген 1810 сыллааҕы ырытыыта.

Төрүтэ

Нибелуннар туһунан үһүйээн, омуктар рейн аттытааҕы франктар сирдэригэр көһүүлэригэр, икки утары элэмиэнтэн холбоммут:

  1. Зигфрид туһунан былыргы германскай боотур сага;
  2. 437 с. Аттила (Этцэл) бургуун королевскай дьиэтин өлөрөрүн туһунан историчэскай сага.

Быһаарыылар

  1. «Chrimhildens Bache u. die Klage, zwei Heldengedichte etc.», Цюрих