Уһун үйэлэнии
Уһун үйэлэнии диэн киһи олоҕор ситиһэр сүрүн сыала буолар.
Киһи барыта олоҕун дьоллоохтук, уһуннук олоруон баҕарар. Олоҕу уһуннук олоруу киһи олоҕун сүрүн сыала буолар. Таҥара үөрэҕэ киһи ити олоҕун сыалын ситиһэригэр быһаччы көмөлөһөр кыахтаах. Таҥара үөрэҕин тутуһар киһи уһун үйэлээх буолууну ситиһэр кыаҕа кыра эрдэҕиттэн улаатар.
Уһуннук олорууну, уһун үйэлэниини ситиһэргэ киһи өйүгэр-санаатыгар туох ураты көрдөбүллэр баалларын биир биир ылан ааҕан көрүөхпүт:
1. Кут сүр үөрэҕэ этиитинэн оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорор буолууга иитиллибитэ.
2. Өйө-санаата аһара барбат буолуута.
3. Сэрэхтээх буолуу.
4. Нэмин билэн туттунуу.
5. Киһи быһыылаах буолуу.
Киһи өйө-санаата бу көрдөбүллэри тутуһар буоллаҕына уһун үйэни ситиһэр кыахтаах буолар. Арай бу көрдөбүллэри тутуһар киһи көрсүө, сэмэй киһи буолар.
Көрсүө, сэмэй киһи олоҕун бэрээдэктээхтик, туттулла сылдьар сокуоннары кэспэккэ олороруттан уһун үйэлээх буолары ситиһэр кыахтанар.
Уһуннук олорбут дьон бары көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон буолалларын хас үбүлүөйдэрэ кэллэҕин аайы ахтабыт, киэҥник суруйабыт. Бу киһи элбэх ахсааннаах үлэһит, үөрэхтээх оҕолордооҕунан, сиэннэрдээҕинэн киэҥ туттарбытын биллэрэбит, оҕолорун, сиэннэрин көрсүө, сэмэй буолууга үөрэппитин хайгыыбыт. Оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буола улааталларын ситиһиигэ кыһаналлар. Элбэх сыыһалардаах «Айыы үөрэҕин» тутуһуу оҕолор саҥа сайдан иһэр өйдөрүн-санааларын буккуйар.
Быстах санааттан оҕо урут түһэн, инникилээн туохха эмэ туһалаахха урут тиксиэ диэн санаа сыыһа, “перестройка” үллэстиитин кэнниттэн сорохтор син онно-манна тииһиммиттэригэр ымсыыра, баҕара санааһын туһата суох. И.Гаврильев «Кыым» хаһыакка көрсүө, сэмэй буоллахпына туохха эмэ урут түһэн тиксэрим аҕыйыа, үллэстииттэн матыам диэн санааргыырыттан көрсүө, сэмэй майгыны сөбүлээбэтин биллэрэр. (1,13). Дойдубутугар ырыынак сыһыаннара киирэн олох оннун буллаҕына ону-маны, босхону үллэстии диэн суох буолуо, ким элбэхтик үлэлээбит уонна үлэтин түмүгүн сатаан харыстаабыт тиһэҕэр тиийэн барыстаах хаалар.
Дьон олохторун уһуннук, дьоллоохтук олоруохтарын баҕараллар. Кыахтара баарынан кыһанан, үлэлээн-хамсаан олорор олохторун тупсаран иһэргэ кыһаналлар. Олох тупсан, экономика сайдан иһиитэ киһи аһара күүскэ үлэлээбэккэ сынньалаҥнык сылдьарын хааччыйан уһун үйэлэниигэ тириэрдиэн сөп эрээри өй-санаа туруктаах буолуута ордук күүһүрэн биэриитэ ирдэнэр.
Сайдыыны ситиһэн иһэр сааһыран эрэр киһи олох олорууга интэриэһэ күн-түүн улаатан, күүһүрэн иһэр. Дьон бары уһун үйэлэниэхтэрин баҕара саныыллара сааһыран истэхтэринэ ордук эбиллэр, күүһүрэр.
Уһуннук олоруу холобурун бэйэбит ортобутугар көрсүөтүк, сэмэйдик олорор дьонтон буларбыт ордук үчүгэй, улахан туһалаах. Уһуннук олорор дьон биһиэхэ билигин да элбэхтэр.
Билигин 90 сааһын ааспыт киһини уһун үйэлээх диэн ааттыыллар. Бу соторутааҕы кэмҥэ диэри уһун үйэлээх диэн 100 саастаах киһини этэллэрэ. Уһун үйэлээх диэн мээрэйи кыччатан, намтатан биэрии кэлин кэмҥэ дьон үйэтэ кылгаабытын чахчы билинии буолар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ көрсүө, сэмэй буолууга үөрэппэтэххэ кылгас үйэлээх буолан хаалыа диэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэрин олохторугар уһун үйэлэммит дьон холобурдара дакаастыыр. Кинилэр, уһун үйэлээхтэр бары биирдэ да этиһэн, охсуһан көрбөтөх, көрсүө, сэмэй, үйэлэрин тухары үлэлии-хамсыы сылдьар дьон буолаллар.
Оҕо аһара барар өйө-санаата аһара баран сыыһа-халты туттунууларга тириэрдэрэ элбиирин, оҕо үйэтэ кылгыан сөбүн уһун үйэлээх сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ билэн дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр.
«Чиэскин эдэргиттэн харыстаа» диэн өс хоһооно оҕо кыра эрдэҕиттэн сыыһа-халты туттунара аҕыйах буоларыгар ыҥырар. Көрсүө, сэмэй оҕо тугу оҥорорун ырытан, ол быһыытыттан туох содул үөскүүрүн билэр буолан сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр.
Хас биирдии киһи бэйэтин кыаҕынан дьарыктанан уһун үйэни ситиһэр кыахтаах. Уһун үйэлэниини ситиһии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн эмиэ икки өрүттээх тутулуктаах:
1. Айылҕаттан бөҕө эттээх-сииннээх уһун үйэлээх киһи. Бу киһи илии үлэтинэн үлэлии-хамсыы уонна олохтоох аһылыгы аһыы сырыттаҕына эбии дьарыга да суох уһун үйэлэниини ситиһэр кыаҕа улахан, арай сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга киирэн биэрбэтэ наада.
2. Бэйэтэ этин-сиинин уһуннук дьарыктаан уонна аһыыр аһылыгын таба сыаналаан уһун үйэни ситиһэр киһи.
Биирдиилээн дьон уһун үйэни ситиһэр кыахтарын туһунан «Аһылык уратылара» диэн үлэҕэ суруллар. (2,73).
Хас биирдии киһи уһун үйэтиттэн салҕанан бу аймахтар уһун үйэлэрэ үөскүүр. Уһун үйэлээх аймахтардаах киһи уһун үйэни ситиһэр кыаҕа кырдьык улахан.
Оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн аймахтар уһун үйэлэнэллэрэ быһаччы тутулуктаах. Оҕо үөрэнэн, улаатан, үлэлээн-хамсаан, баайы-малы мунньунан, ойох ылан, кэргэн тахсан, оҕо төрөтөн, бу оҕотун хайдах иитэриттэн тутулуктанан аймахтар салгыы сайдаллара дуу, эстэн, симэлийэллэрэ дуу быһаарыллар.
Ыаллар оҕолорун көрсүө, сэмэй майгыга, сыыһа-халты туттубат буолууга кыра эрдэхтэриттэн үөрэттэхтэринэ оҕолоро оҕотун эмиэ соннук ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ бу аймахтар салгыы сайдан иһэр чинчилэнэлэр, уһун үйэни ситиһэр кыахтара улаатар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕин итэҕэйэн кытаанахтык тутуһа сырыттахха уһуҥ үйэни ситиһиэххэ сөп. Таҥара үөрэҕэ оҕону атаахтык иитимэ диэн үөрэтэр. Төрөппүттэр оҕону атаахтатан, аһара маанылаан, барыга-бары аһара бара, аһара тутта сылдьар киһи оҥорон кэбистэхтэринэ бу оҕо сыыһа-халты туттунарыттан, урутаан түһэн иһэриттэн улахан хараҥа буруйу оҥорон кэбиспэтэҕинэ арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолуон сөп. Оҕолоро итинник быһыыга тиийдэҕинэ бу аймахтар эстэр, симэлийэр дьылҕаланаллар.
«Төрүт ыал» диэн өйдөбүл оҕону хайдах иитэртэн, үөрэтэртэн тутулуктаах өйдөбүл. Эһэлэриттэн, эбэлэриттэн ылбыт, иҥэриммит оҕону иитэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр ньымаларын салҕаан иһэр ыаллар салгыы сайдан иһэр кыахтаналлар. Омук уһун үйэлээх буолуута хас биирдии ыал, аймахтар оҕолорун хайдах иитэн улаатыннаралларыттан, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэриттэн быһаччы тутулуктаах.
Сахалар өй-санаа үөрэҕин төрүттэрин, таҥара итэҕэлин, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини кытаанахтык тутуһалларыттан маннык уһун үйэлээх буолууну ситистилэр.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр киһи үйэтин тыынын уһунунан кэмнииллэр. «Кылгас тыын» кылгас үйэни биллэрэр. Кылгас- кылгастык, чаастатык тыынар-тыыннаахтар бары кылгас үйэлээхтэр. «Уһун тыыннаах» диэн этии аҕыйахтык тыынары тэҥэ уһун үйэлээх киһини эмиэ биллэрэр.
Киһи төһө аҕыйахтык, дириҥник тыынар даҕаны үйэтэ уһуур. Кыратык хамсаатар эрэ аҕылаан, тыынара кылгаан иһэр киһи доруобуйата, этэ-сиинэ мөлтөөн эрэрин билинэн араас харыстанар ньымалары туһаммытынан барара наада.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар олохторун үөрэҕин этиитин тыынар салгыммыт кытта дакаастыыр. Кислороду тыынан киллэрэммит эппитин-сииммитин хааччыйар буоллахпытына тыынан таһаарар салгыммытыгар 6 бырыһыаҥҥа диэри углекислай гаас баар буолара наада эбит. Киһи хааныгар углекислай гаас 6 бырыһыантан аҕыйах буоллаҕына араас сүрэх, тымыр, хаан ыарыылара көбөллөр.
Киһи этэ-сиинэ, быччыҥнара хамсаатахтарына углекислай гааһы оҥорон таһаарара элбиир. Аҕыйахтык хамсанар, олорор, сытан сынньанар киһи хааныгар углекислай гаас үөскээһинэ аҕыйаан хааларыттан кыра тымырдара хам тутуллууларыттан хаанын баттааһына улаатар эбит.
Куруук хамсаныы уонна сатаан тыынарга үөрэнии киһи олоҕун биллэрдик уһатар кыахтарын туһаныахха наада диэн Ю.Н.Мишустин «Выход из тупика» диэн үлэтигэр суруйар. (3,41).
Уһун үйэни ситиһии бэйэтэ эмиэ икки өрүттээх:
1. Төрөппүттэр таҥара үөрэҕин билэн тутуһар буолуулара оҕолорун иитиигэ тосту уларыйыылары киллэрэн, туруктаах өйдөөх-санаалаах буолууларын үөскэтэн уһун үйэлээх аймахтар элбииллэригэр тириэрдиэ этэ.
2. Киһи этин-сиинин бэйэтэ утумнаахтык дьарыктаан, үлэлээн-хамсаан эрчийэн уонна сөптөөх аһылыгынан хааччыйан уһун үйэни ситиһэр кыаҕын улаатыннарар.
Хас биирдии киһи уһун үйэни ситистэҕинэ ыаллар уһун үйэлэнэллэр. Онтон салгыы аймахтар үйэлэрэ уһууруттан саха омук үйэтэ уһуур уонна ахсаана эбиллэн салгыы сайдарыгар кыахтаах буолар. (4,105).
Олоххо таҥара үөрэҕин тутуһуу уһун үйэлээх буолууну хас биирдии киһи ситиһэригэр кыах, күүс-уох биэрэр.
Туһаныллыбыт литература.
1. “Кыым” хаһыат. Атырдьах ыйын 21 күнэ 2008 №33.
2. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.
3. Мишустин Ю.Н. Выход из тупика. Ошибки медицины исправляет физиология. 3-е изд., исправл. И доп. – Самара: ОАО «Издательство «Самарский Дом печати», 2007. – 80 с.
4. Каженкин И.И. Киһи таҥара. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. - 112 с.