Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)
Уустуйа нэһилиэк (нууч. Устье). Сунтаар улууһун нэһилиэгэ, киинэ Уустуйа.
Географията
Улуус кииниттэн 5 км илин диэкки Кэмпэндээйи үрэх төрдүгэр турар.
Нэһилиэк олохтоохторо
Нэһилиэнньэтин ахсаана 368 киһи (2007 сыл).
Нэһилиэк историята
Уустуйа нэһилиэгэ 2003 сыл от ыйыгар, Кэмпэндээйи нэһилиэгиттэн араарыллан, тэриллибит[1].