Уустарабыс

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алексеев Семен Григорьевич (23.12.1900—1995) — Уустарабыс, олоҥхоһут, алгысчыт, улуу муҥхаһыт, отоһут, мас ууһа.

Олоҕун олуктара

1900 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Солоҕоон нэһилиэгэр (билиҥҥи Горнай улууһун) бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сэрии сылларыгар (1943—1944) Иркутскайдааҕы тирии собуотугар үлэлээбитэ. Эдэр эрдэҕиттэн муҥхаһытынан биллэрэ[1]. .

Олоҥхоһуттар ортолоругар улааппыта, ол гынан баран кырдьар сааһыгар олоҥхоһут буолбута.

Кинорежиссер А. Романов «Орто дойду» киинэтигэр консультаннаабыта.

1995 сыллаахха өлбүтэ.

Айар олоҕо

Кини икки үйэ алтыһыытыгар төрөөн-үөскээн, олоҥхолоон ааспыт үтүө дьоннортон биирдэстэринэн буолар, 50-с сыллартан алгысчыт, олоҥхоһут быһыытынан нэһилиэгин дьонугар киэҥник биллибитэ. Оҕо сааһыттан нэһилиэк араас улахан да, кыра да муҥхаларыгар сылдьан Григорий Михайлович Тарасов — Тэкээнэй уола, Прокопий Яковлевич Тарасов — Боокко Борокуоппай, Николай Михайлович Захаров — Холуодьус курдук улахан олоҥхоһуттар толорбут олоҥхолорун эт кулгааҕынан истэн, чугастык ылынан дууһатыгар иҥэриммитэ, устар ууну сомоҕолуур, уһун түүнү кылгатар, уран тыллаах олоҥхоһут буолбута. Уустарабыс ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары кыайа-хото туттара, олоҥхону толорор ньымата ураты уһулуччута, олоҥхотун хастыы эмит чаас сиэрин-силигин ситэрэн толороро бэлиэтэммитэ.[2]
1986 сыллаахха Чөркөөххө ыытыллыбыт П. А. Ойуунускай күннэригэр анаммыт олоҥхоһуттар күрэхтэригэр кыттан бастаабыт[2].
Ытык кырдьаҕас 1988 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Сибиир, Уһук Илин фольклорун үөрэтэр Бүтүн Союзтааҕы научнай-практическай конференция кыттыылааҕынан буолбута[2].
Уустарабыс 3 олоҥхону айан толорбутуттан «Күөх көҕөччөр аттаах Бэрт оҕо Дьэбириэлдьин Бэргэн», «Чөҥөчөк оҕонньор, Төҥүргэс эмээхсин» олоҥхолоро магнитофоҥҥа уһуллан, сурукка түһэриллэн бэчээттэнэн тахсыбыттар.

Ыллаабыт олоҥхолоро

  • «Бэриэт Бэргэн»
  • «Дьэбириэлдьин Бэргэн»
  • «Үөлэн Хардааччы»
  • «Мүлдьү Бөҕө»
  • «Бадьайа бухатыыр»
  • «Тэриэппинэ Бэргэн»
  • «Чөҥөчөк оҕонньор, Төҥүргэс эмээхсин»

Магнитофоҥҥа уонна видеоҕа уһуллубут суруйуулар ЯНЦ архивыгар уонна Култуура министерствотын архивыгар бааллар[3].

Уустарабыс сырдык аатын үйэтитии

Горнай улууһугар Өрт сэлиэнньэҕэ Уустарабыс аатынан уулусса ааттаммыт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

Быһаарыылар

Сигэлэр

  • Тарасов А., Васильев Г. Уус уола Уустарабыс // Кыым. — 1990. — Кулун тутар 16 к.
  • Уус уола — олоҥхоһут Уустарабыс / Оҥордо З. Г. Сысолятина. — Дьокуускай: РИО РДНТ, 2000. — 8 с.
Иһинээҕитэ: Тарасов А. Ɵбүгэлэрбит үтүɵ үгэстэрин салҕааччы. — С. 2—5; Илларионов В. Олоҥхоһут Уустарабыс. — С. 6—8.
  • Алексеев С. Г. Уустарабыс. Дэбириэлдьин Бэргэн: олоҥхо / С. Г. Алексеев-Уустарабыс; Рос. акад. наук. Сиб. отд-ние. Ин-т гуманит. исслед. и проблем малочисл. народов Севера; Респ. ассоц. «Олонхо»; [сост. П. Н. Дмитриев-Туутук, отв. ред. В. В. Илларионов]. — Якутск:«Сайдам», 2010. — 203 [4] с.