Улахан Токо

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Улахан Токо күөл куйаартан көстүүтэ

Улахан Токо. Токо Становигын сиһин хотугу эниэтигэр Учур өрүс тардыытыгар сытар күөл.

Тектоника сабыдыаллах үөскээбит. Муора таһымыттан 903 м. Тардыытын иэнэ 919 кв.км.

Бэйэтин иэнэ 82,6 кв.км. Устата 15 км, кэтитэ 7,5 км. Дьириҥэ 80 м. тиийэр.

Күөлтэн Мулам үрэх тахсар. Балаҕан ыйыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ. Балыгынан баай.

Күһүн уонна саас ааһан иһэр көтөр үөрэ тохтоон сынньанар сирэ.

Ылыллыбыт сирэ

Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.