Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ
Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу Күн олохтонуута Саха Сирин төрүт олохтоохторун төрөөбүт тылларын сайыннарыыга, бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов сырдык кэриэһин үйэтитэр, аатын ытыктатар соруктаах.
Бу Күн араас үөрэх кыһаларыгар, культура кииннэригэр төрөөбүт тылга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Оскуолаларга Саха суруйаачыларын, поэттарын кытта көрсуhуулэр ыытыллаллар, араас күрэхтэр, көрүүлэр тэриллэллэр. Республика үрдунэн саха тылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр, көрсүhүүлэр киэҥ хабааннаахтык ыытыллаллар.
Олунньу 13 күнүгэр, үгэс быһыытынан, Санкт-Петербург куоракка Саха Сирин делегацията Смоленскай кладбищеҕа биллиилээх учуонай С.А. Новгородов, кини кыыһа Е.С. Новгородова уонна саха тылдьытын оҥорооччута Э.К. Пекарскай көмүс уҥуохтарыгар сүгүрүйүөхтэрэ, сибэкки веноктарын ууруохтара.
Өссө маны көр
- http://sah.wikisource.org/wiki/Төрөөбүт_тыл_(Күндэ)
- «Об объявлении Дня родного языка и письменности». Указ Президента РС (Я) от 9 февр. 1996 г. N 1294 // Респ. Саха. - 1996. - 10 февр.
- 13 февраля - День родного языка и письменности Якутии
- http://www.sakha.spb.ru/news/1454.html