Төрүччү
Төрүччү — дьон уруулуу-аймахтыы сыһыаннарын көрдөрөр ойуу эбэтэр сурук. Үксүгэр киһи бэйэтэ үөскээбит аҕатын эбэтэр ийэтин ууһун чинчийэн суруйуута ааттанар. Төрүччүгэ хаан уруулар, тастыҥ аймахтар бары киирэллэр.
Төрүччү диэн эбии аймахтар ааттарын холбоһуктара ааттанар.
Былыр сахалар аан маҥнай биистэргэ арахсар эбиттэр. Ол курдук, хара маҥнайгыттан 3 биис баара - Омоҕой бииһэ, Эллэй бииһэ, Улуу Хоро бииһэ.
Биис 9 аҕа ууһуттан турар. Аҕа ууһа диэн биир өбүгэлээх (кини төрүт диэн ааттанар) улахан уруу-аймах холбоһуга. Үйэ эбэтэр сүһүөх диэн төрүттэн ьахсыбыт көлүөнэлэр ааттаналлар.
- 1-кы сүһүөх дьон - аҕа.
- 2-с сүһүөх дьон - оҕолор.
- 3-с сүһүөх дьон - сиэннэр.
- 4-с сүһүөх дьон - сиэнчэрдэр.
- 5-с сүһүөх дьон - сыҕаннар.
- 6-с сүһүөх дьон - сыҕанчардар.
- 7-с сүһүөх дьон - ытыттар.
- 8-с сүһүөх дьон - кэдьиэрдэр.
- 9-с сүһүөх дьон - сыдьааннар.
кэргэн диэн кэргэннии дьон оҕолорун кытта холбоон ааттаналлар. Эр уонна ойох бэйэ бэйэлэригэр кэргэн диэн буолаллар. Бииргэ төрөөбүт оҕолор дьуорту (оҕолор) диэн ааттаналлар. Төрөппүт ийэтэ эбэ, аҕата - эһэ диэн буолаллар. Төрөппүт эбэтэ - хос эбэ, аҕата - хос эһэ. Дьуорту кыргыттартан улахан кыыс - аҕас, кырата - балыс диэн буолаллар. Дьуорту уолаттартан улахана бии диэн, кырата - ини. Уруу диэн чугас, хаан аймахтар. Аймах диэн уруулар холбоһуулара. Ырааҕынан эбэтэр умнуллубут аймахтар умсуор диэн буолаллар. Сурус (сурдьу) - дьиэ кэргэҥҥэ кыра саастаах уол.
Дьахтарга эрин ийэтэ ийэ хотун, аҕата - аҕа тойон диэн буолаллар. Эрин биитэ - бии тойон, инитэ - ини тойон; аҕаһа - аҕас хотун, балыһа - балсы хотун.
Эр киһиэхэ ойоҕун ийэтэ ийэ кылын диэн, аҕата аҕа кылын эбэтэр төркүт диэн буолар. Инитэ уонна биитэ ини кылын уонна бии кылын диэн буолаллар. Аҕас хотун, балыс хотун - ойоҕун аҕаһа уонна балыһа. Балыс хотун эбии күрэ дэнэр.
Кэргэннии дьон аҕалара бэйэ бэйэлэригэр түҥүр диэн буолаллар. Ходоҕой диэн ийэлэрэ ааттаналлар.
Күтүөт диэн кыыһын, аҕаһын эбэтэр балыһын эрэ ааттанар. Бииргэ төрөөбүт кыргыттар эрдэоэ бэйэ бэйэлэригэр биллэх диэн буолаллар. Улахан биллэх, кыра биллэх диэн арахсаллар. Бииргэ төрөөбүт уолаттар ойохторо: бэргэн - бии ойоҕо; бадьа - ини ойоҕо.
Абаҕа диэн аҕа биитэ (инитэ); таай - ийэ биитэ (инитэ). Абаҕа оҕолоро: абаҕа аҕас, абаҕа балыс, абаҕа бии, абаҕа ини. Аҕа эбэтэр ийэ аҕаһа (балыһа) эдьиий диэн буолар.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |