Төрүт тыллар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Төрүт тыллар диэн былыргыттан баар, билигин тутулла сылдьар тыллар ааттаналлар.

Билигин аҕа диэн саха омук төрүт тылларын букатын даҕаны наадата суох тыллар курдук саныыр буоллулар. Бу кылгас ыстатыйа ийэ уонна аҕа диэн тыллар оҕо иитиитигэр, кини улаатан истэҕинэ, өйө-санаата сайдан уларыйыытыгар оҥорор уратыларын быһаарар, ырытар.

Билигин элбэх төрөппүттэр улаханнык айманан, эдэр оҕолорун иитиилэрэ ураты уустугуран иһэрин туһунан элбэхтик кэпсэтэллэр. Хас биирдии төрөппүттэр оҕолоро улаатан, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн бэйэлэринээҕэр ордук тупсан, кинилэр оҥорон испит дьыалаларын салҕааччы буолуохтарын баҕараллар уонна оҕолорун оннукка үөрэтэ сатыыллар. Билигин үйэ уларыйан иһэр диэн ааттаан, оҕолоругар итэҕэл уонна ытыктабыл туһунан билиини букатын даҕаны үөрэппэт, иҥэрбэт буоллулар. Маннык итэҕэл уонна ытыктабыл туһунан өйдөбүллэр оҕо иитиитигэр туох суолтаны ылалларын үгүс төрөппүттэр бэйэлэрэ кытта билбэттэр.

Кинилэр оҕолоро улаатан иһэннэр төрөппүттэрин баҕа санааларыгар сөп түбэспэт өйдөөх-санаалаах уонна майгылаах буолан хаалалларыттан соһуйан эрэ хаалаллар. Ханнык кэмҥэ төрөппүттэр уонна оҕолор икки ардыларыгар өйдөспөт буолуу туохтан үөскээн тахсарын кыайан быһаарбаттар. Бу өйдөспөт буолуу кинилэр икки ардыларыгар сыһыан уларыйан барыытыттан тахсар. Оҕолор улаатан хайы-сахха улахан киһи буолан иһэннэр, аны кинилэри кытта сыһыан уларыйан, итэҕэлгэ уонна ытыктабылга тирэҕирэр, улахан дьоннуу сыһыан буолан барарыгар наадыйаллар. Бу кэмҥэ төрөппүттэр оҕолорун, бэйэлэрин ытыктыырга уонна сыаналыырга кыра эрдэхтэринэ үөрэппэккэ, хойутаан хаалбыттарын дьэ билэн айманаллар. Кинилэр оҕолорун куруук кыра эрдэхтэринээҕилэрин курдук, олус үчүгэй истигэн, толоругас майгылаах этилэр диэн саныылларын кыайан уларыта охсубаттар уонна улааппыт оҕолорун кыра оҕо курдук хамаандалыы эбэтэр манньа биэрэн албынныы сылдьыахтарын баҕараллар.

Улаатан иһэр оҕолор майгылара уларыйыыта төрөппүттэр оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн хайдах сыһыаннаһалларыттан быһаччы тутулуктаах буолан тахсара син билиннэ.

Кэнники кэмҥэ саха дьонугар төрөппүт ийэни –«маама» диэн, онтон аҕаны –«паапа» диэн ааттааһын тыл үөрэхтээхтэрин уонна суруйааччылар көмөлөрүнэн тарҕанан эрэр. Бу тыллар ордук куоракка үөскээбит оҕолорго, нууччалары үтүктүү быһыытынан киэҥник тарҕаннылар. Үгүс төрөппүттэр бу тыллары оҕолорбутун нууччалыы саҥарарга уонна билэргэ үөрэтэрбитигэр туһалаах диэннэр кинилэри кыра эрдэхтэриттэн итинник саҥарарга бэйэлэрэ үөрэтэн кэбиһэллэр.

Бу тыллары саха дьоно хайдах иһиллэллэринэн, көнөтүк өйдүүллэр. Бу тыллар сахалыы өйдөбүллэрэ ханнык даҕаны иитэр-үөрэтэр өрүттэрэ суох, төттөрүтүн соччо үчүгэйэ суох өйдөбүллээхтэр. Бу тыллар оҕолорго бэйэлэрин төрөппүттэрин ытыктаабат уонна аанньа ахтыбат буолууларын иҥэрэллэр.

Оҕо кыра эрдэҕинэ уустуга суохтук саҥарыллар тылы урут тутта үөрэнэр. Биирдии дорҕооннордоох тыллары аан маҥнай саҥарар. Кыра буолан тыл суолтатын кыайан быһаарбат. Кэлин улаатан истэҕинэ тыл дорҕооннорун суолталара, киһи мэйиитигэр таһаарар хамсааһыннара оҕоҕо эмиэ биллэр буолар. Итиннэ эбии тыллар суолталара киһиэхэ биэрэр өйдөбүллэрин арааран билэргэ үөрэнэр.

Тыл маннык дьайыытын быһаарыы чуолкайын кэнники кэмҥэ куоракка үөскээбит саха оҕолорун майгылара-сигилилэрэ алдьаныыта элбээбитэ, өй-санаа өттүнэн улаханнык буорту буолуулара уонна төрөппүттэрин букатын сыаналаабат, аанньа ахтыбат буолан иһэллэрэ дакаастыыр. Аныгы оҕолор ийэлэрин ас таһан аһатар киһиттэн атыннык санаабаттарын туоһутунан «Маа, аста аҕал, маа, бу наада» диэн куруук көрдүү эрэ үөрэниилэрэ, онтон аҕаларын «Па, маны оҥор» диэн аны куһаҕаны туппут курдук, соруйары баһылааһыннара буолар.

«Маа» дорҕоон сахаларга хаһан даҕаны аанньа ахтыллыбат, үчүгэйдик иһиллибэт дорҕоон. Ордук чуолкайдык бу дорҕоону ынах маҕырыырыгар тэҥнииллэр. Ынах маҕыраатаҕына: «Ынах «Маа»,-диэтэ,- ас көрдүүр быһыылаах»,- диэн биллэр өйдөбүллээх. Итини тэҥэ бу дорҕоон «Маҥ» диэн кыра ыт ньаҕыйан үрэригэр эмиэ тэҥнэнэр уонна: «Аахайымаҥ, ити кыра ыт үрэр»,- диэн туох да суолтата суоҕу бэлиэтииргэ туттуллар.

Улаатан иһэр оҕолор төрөппүттэригэр сыһыаннара уларыйыытыгар төрөппүттэр бэйэлэрэ эрэ эппиэти сүгэллэр. Кинилэр оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, хайдах бэйэлэригэр сыһыаннаһалларыгар, ким диэн ааттаан ыҥыралларыгар бэйэлэрэ үөрэтэн кэбиһэллэрэ улахан оруолу ылар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүт ийэтин уонна аҕатын ытыктыырыгар, убаастыырыгар, оҕолоро улаатарын, киһи-хара буоларын туһугар үлэлии - хамныы сылдьалларын сыаналыырга үөрэнэригэр, кинилэри хайдах ааттаан ыҥырара ордук улахан оруоллааҕа билиннэ.

Аныгы төрөппүттэр оҕолоро кинилэри ытыктыылларын, үлэлэрин-хамнастарын сыаналыылларын наадатыгар, бэйэлэрин олохторугар тугу эмэни туһалааҕы ситиһэр дьон буола улаатан тахсыахтарын баҕарар буоллахтарына, аан маҥнай бэйэлэрин ийэ уонна аҕа диэн ааттаан ыҥыралларыгар үөрэтэллэрэ ордук буолар. Бу тыллар бэйэлэрэ саха дьонун итэҕэллэриттэн төрүөттээх буоланнар иитэр-үөрэтэр суолталара ураты үрдүк. Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн ити итэҕэл тылларын иҥэрэн, итинник саҥарда үөрэтии кинилэргэ ийэлэригэр уонна аҕаларыгар ордук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар тириэрдэр.

Оҕо төрөппүттэрин ийэ уонна аҕа диэн ыҥырара, киниэхэ бу төрөппүт дьонун ордук ытыктыырыгар, сыаналыырыгар иэйиэхсит уонна айыыһыт таҥара курдук саныы, өйдүү үөрэнэригэр күһэйэр. Саха дьонугар бу олус дириҥ суолталаах, ытыктабыллаах тыллар буолаллар. Оҕолорго эмиэ итинник дириҥ, халбаҥнаабат өйдөбүллэри хааллараллар.

Оҕо ийэтин ийээ диэн ыҥырар буоллаҕына, бу тыл бэйэтин суолтата оҕо өйүгэр-санаатыгар киирэн олохсуйар уонна кини ийэтигэр сыһыанын улааппытын да кэннэ уларыйбат гына быһаарар. Оҕо ийэтигэр бу тыл ис суолтатыгар сыһыаннаһарын курдук сыһыаннаһар буола улаатар. Онтон ийэ диэн саха тылын суолтата сахалар итэҕэллэрин иэйиэхсити кытта быһаччы сибээстээх. Оҕо ийэтин ийээ диэн ааттаан ыҥырар буоллаҕына, кини өйүгэр-санаатыгар ийэтин убаастыыр, ытыктыыр өй-санаа олохсуйан хаалар.

Тыл суолтатын оҕо кыра эрдэҕинэ өйдөөбөккө эрэ туттар. Кинини аан маҥнай хайдах саҥара үөрэтэллэр даҕаны, ол курдук саҥарбытынан барар, ордук боростуойдук саҥарыллар «маама» уонна «паапа» диэн тылларынан төрөппүттэрин ыҥырарга түргэнник үөрэнэн хаалар. Улаатан истэҕинэ ити тыллар ис суолталара дьэ дьиҥнээхтик өйдөнөн барар. Бу кэмҥэ оҕо төрөппүттэригэр сыһыана биллэрдик уларыйар. Төрөппүттэр оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн ийэ уонна аҕа диэн бэйэлэрин ааттыырга үөрэттэхтэринэ, оҕолоро кинилэри хаһан баҕарар, кырдьан да олордохторуна ытыктыыллар, сыаналыыллар.

Оҕолор төрөппүттэрин ытыктаабаттарын уонна сыаналаабаттарын биир бэлиэтинэн кинилэр туох эмэ; үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу, дьыалалары оҥороору сылдьаннар кинилэр тустарынан мэйиилэригэр да оҕустаран көрбөттөрө буолар. Итинник тугу эмэ оҥороору гыннахтарына: «Бу оҥорбуппун ийэм туох дии саныаҕай?»- диэн эдэр киһи толкуйдуу үөрэнэрэ буоллар, кини араас сөбө суох быһыылары оҥорортон туттунуо этэ.

Бу ийэ уонна аҕа диэн тыллар саха оҕолорун төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктаахтар. Оҕолор эһигини ытыктыыр, эһиги кэриэскитин толорор дьон буолуохтарын дьиҥнээхтик баҕарар буоллахха, оҕолорго бэйэни убаастыырга, ытыктыырга уонна үлэни сыаналыырга кыра эрдэхтэриттэн үөрэтиллэр. Оннук үөрэтии биир көрүҥүнэн оҕолору ийэ уонна аҕа диэн ытыктабыллаах тылларынан бэйэни ааттата үөрэтии буолар.

Дьоҥҥо барыларыгар кэннилэригэр хаалар кэнчээрилэрэ, оҕолоро, баар-суох олохторун салҕааччылара, баайдарын-малларын элбэтээччилэрэ буолаллар. Төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ бары кыахтарын уураллар уонна кинилэртэн эмиэ хардары көрдөбүллэри эрэйиэхтээхтэр. Ол төрөппүттэр көрдөбүллэрэ биир эрэ, бэйэлэрин баҕа санааларын оҕолоро толоруохтарын баҕараллар. Оҕолоро кинилэр баҕа санааларын толороллорун наадатыгар кинилэри ытыктыыр уонна сыаналыыр буола улаатыахтаахтар. Кинилэр ити баҕа санааларын ситиһэллэригэр ийэ уонна аҕа диэн саха омук төрүт тылларын иитэр-үөрэтэр суолталара ордук көмөлөһөллөр.

«Социализм» кэмин саҕана саха омук төрүт тыллара: «Ийэ» уонна «Аҕа»,-диэн тыллар мөлтөөhүннэригэр урут ыраахтааҕы баарын саҕана, куhаҕан иҥсэлээх майгыларынан үгүс дьоҥҥо биллибит православнай таҥара дьиэтин үлэhиттэрэ: «аҕабыыт» уонна «ийэбиит» кыттыhыылара ордук улахан оруолу ылбыта. Үгүс сахалар «советскай», таҥараны итэҕэйбэт былаас кэмигэр, таҥараҕа сыhыана суохтарын көрдөрөөрүлэр ити төрүт тылларбытын улаханнык туораттылар. Билигин сахаларга итинник ааттаах таҥара дьиэтин үлэhиттэрэ суох буолуулара уонна аныгы дьон православнай таҥараҕа сыhыаннара уларыйан «Ийэ» уонна «Аҕа»,-диэн төрүт тыллар бэйэлэрин дьиҥнээх суолталарынан туттуллуохтарын сөп буолла. (1,55).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.