Түмэн (шаньюй)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Түмэн (былыргы кыт.: 頭曼, 头曼, пиньинь: Tóumàn; "Тумань"[1][2], "Томань"[3], "Тэумань"[4] эбэтэр "Тумынь") — б.к.и 220-с сылтан 209-с сылга диэри хуннар шаньюйдара.

Олоҕо

Түмэн бастакы биллэр шаньюй буолар. Кини кэмигэр хуннар үөдьүлэргэ (юэчжи), дунхуларга уонна Цинь дойдутугар хоттороннор баттабылга түбэһэллэр. Цинь мөлтөөбүтүгэр Түмэн Ордос сирин төнүннэрэр. Номоххо киирбитинэн Түмэн иккис, тапталлаах кэргэниттэн оҕолонор, ол иһин бастакы, көйгө уолун үөдьүлэргэ аманаакка ыытан өлөттөрүөн баҕарар. Ол уол Модун этэ. Модун аҕатын былаанын билэн үөдьүлэртэн куотар уонна кэлин күүһүрэн, аҕатын уонна быраатын өлөрөн шаньюй буолар[5].

Түмэн шаньюй уонна Хара-хаан

Ираан былыргы историга Хондемир уонна Абу-л-Гази Хара-хаан туһунан номох суруйан хаалларбыттар. Былыр Каракум уонна Сырдарья сирдэринэн Хара-хаан диэн олоро сылдьыбыт эбит[6]. Бу Хара-хаан уола Оҕус аҕатыттан кистээн ислам итэҕэлин ылыммыт, онтон сылтаан Хара-хаан булт кэмигэр уолун өлөрөргө сананар, ол эрээри бэйэтэ өлөн хаалар[7][8][9].

Иакинф (Бичурин) сабаҕалыырынан Хара-хаан–Оҕус номоҕо Түмэн–Модун киэнигэр чугас уонна биир төрүттээх буолуохтаах[10]. Иакинф сабаҕалааһынын М. Соегов диэн чинчийээччи өйүүр. Кини этэринэн Хара-хаан уонна Түмэн ааттара эмиэ биир төрүттээх буолуохтарын сөп: Түмэн аатын төрдө түн "түүн", оттон Хара-хаан аатын төрдө хара[11].

Эбии көр

Быһаарыылар

  1. Бичурин Н. Я. (Иакинф). Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. — М.Л.: Изд-во АН СССР, 1950. — Т. I. — С. 46.
  2. Гумилёв Л. Н. История народа хунну: В 2-х книгах. — М.: Институт ДИ-ДИК, 1998. — Т. 1. — С. 76.
  3. Бичурин Н. Я. (Иакинф). Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. — М.Л.: Изд-во АН СССР, 1950. — Т. I. — С. 225.
  4. Груссе Р. Империя степей: Аттила, Чингисхан, Тамерлан = L'Empire des steppes: Attila, Gengis-Khan, Tamerlan. — Алматы: Санат, 2005. — Т. I. — С. 44.
  5. Гумилев Л.Н. Хунну. Степная трилогия. – СПб.: Тайм-аут – Компасс, 1993. – С. 52.
  6. Йазди Ш. Зафар-наме. — Ташкент: SAN'AT, 2008. — С. 403. — 486 с. — 600 экз. — ISBN 978-9943-322-13-4
  7. Хондемир. История монголов: От древнейших времён до Тамерлана / Пер. В. В. Григорьева. — СПб.: В тип. К. Крайя, 1834. — С. 3–5.
  8. Абу-л-Гази. Родословная туркмен // Кононов А. Н. Родословная туркмен. Сочинение Абу-л-Гази хана хивинского. — М.Л.: Изд-во АН СССР, 1958. — С. 40–42.
  9. Абу-л-Гази. Родословное древо тюрков = Шäджäрä-i тÿрк. — Казань: Типо-лит. Имп. Ун-та, 1905. — 12–15.
  10. Бичурин Н. Я. (Иакинф). Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. — М.Л.: Изд-во АН СССР, 1950. — Т. I. — С. 223–225.
  11. Соегов М. Сюжет о женитьбе Шаньюя Модэ/Огуз-Хана (по сочинениям китайца Сыма Цяня, иранца Рашид-ад-Дина и хивинца Абу-л-Гази) (рус.) // Jazyk a kultúra : журнал. — Прешов: Центр исследования лингвокультурологии и переводоведения Филос. ф-та Прешовского ун-та, 2017. — № 31-32. — С. 162.

Литература

  • Абу-л-Гази. Родословная туркмен // Кононов А. Н. Родословная туркмен. Сочинение Абу-л-Гази хана хивинского. — М.Л.: Изд-во АН СССР, 1958. — С. 40—42. — 285 с. — 2,200 экз.
  • Абу-л-Гази. Родословное древо тюрков = Шäджäрä-i тÿрк. — Казань: Типо-лит. Имп. Ун-та, 1905. — XVI, 224 с. — (Известия Общества археологии, истории и этнографии при Императорском Казанском университете, том XXI, вып. 5-6).
  • Бичурин Н. Я. (Иакинф). Собрание сведений о народах, обитавших в Средней Азии в древние времена. — М.Л.: Изд-во АН СССР, 1950. — Т. I. — С. 46—47, 114, 223—225. — LXXXVIII, 381 с. — 5,000 экз.
  • Груссе Р. Империя степей: Аттила, Чингисхан, Тамерлан = L'Empire des steppes: Attila, Gengis-Khan, Tamerlan. — Алматы: Санат, 2005. — Т. I. — С. 44. — 286 с. — (История Казахстана в западных источниках XII—XX вв.). — 3,000 экз. — ISBN 9965-664-31-5.
  • Гумилёв Л. Н. История народа хунну: В 2-х книгах. — М.: Институт ДИ-ДИК, 1998. — Т. 1. — С. 76—77. — 448 с. — (Сочинения Л. Н. Гумилёва; вып. 9). — ISBN 5-87583-066-2.
  • Соегов М. Сюжет о женитьбе Шаньюя Модэ/Огуз-Хана (по сочинениям китайца Сыма Цяня, иранца Рашид-ад-Дина и хивинца Абу-л-Гази) (рус.) // Jazyk a kultúra : журнал. — Прешов: Центр исследования лингвокультурологии и переводоведения Филос. ф-та Прешовского ун-та, 2017. — № 31-32. — С. 161—168. — ISSN 1338-1148.
  • Хондемир. История монголов: От древнейших времён до Тамерлана / Пер. В. В. Григорьева. — СПб.: В тип. К. Крайя, 1834. — XII, 159 с.