Тэҥ тиистээх күүдээх

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тэҥ тиистээх күүдээх (лат. Sorex isodon, нууч. Равнозубая бурозубка) — бурозубкалар уустарыгар киирэр үөнүнэн-көйүүрүнэн аһылыктанар уһун тумустаах бөдөҥ күүдээх. Бөдөҥ тиистээх күүдээхтэн уһун кутуругунан уонна тииһин оҥоһуутунан уратылаах, атын күүдээхтэртэн бөдөҥ.

Саха сирин соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр олохсуйар. Аҕыйах ахсааннаах көрүҥ. Кыһын утуйбат. Көпсөркөй буордаах ойуурдарга, уу ылар хонууларыгар, маардарга үөскүүр. Олоҕун уһуна 1,3-1,5 сыл. Сууккаҕа аһыыр аһылыгын ыйааһына бэйэтин ыйааһынын 2-4 төгүл куоһарар[1].

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Знаете ли вы млекопитающих Якутии. Б. И. Сидоров, Дьокуускай, Бичик, 2002