Кыракый күүдээх

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыракый күүдээх (лат. Sorex minutissimus, нууч. Крошечная бурозубка) — бурозубкалар уустарыгар киирэр үөнүнэн-көйүүрүнэн аһылыктанар кылгас тумустаах кыра күүдээх. Аччыгый күүдээхтэн арыый кылгас муннунан, кылгас кутуругунан уонна тииһин оҥоһуутунан уратылаах уонна арыый кыра. Атын күүдээхтэртэн кыра.

Саха сирин соҕуруу өттүгэр олохсуйар. Аҕыйах ахсааннаах көрүҥ. Кыһын утуйбат. Көпсөркөй буордаах ойуурдарга, уу ылар хонууларыгар, маардарга үөскүүр. Олоҕун уһуна 1,3-1,5 сыл. Сууккаҕа аһыыр аһылыгын ыйааһына бэйэтин ыйааһынын 2-4 төгүл куоһарар[1].

Саха АССР Кыһыл кинигэтигэр киллэриллибитэ. 3-с хаттыгас.

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Знаете ли вы млекопитающих Якутии. Б. И. Сидоров, Дьокуускай, Бичик, 2002