Тулалыыр эйгэ күнэ
Устуоруйата
ХНТ Генеральнай ассамблеятын 27-с сиэссийэтигэр 1972 сыл ахсынньы 15 күнүгэр быһаарыы (№ A/RES/2994 (XXVII) резолюцията) ылыллыбыта.
Бэс ыйын 5 күнэ — 1972 сыллаахха бу күн Стокгольмҥа буолбут тулалыыр эйгэ кыһалҕаларын кэмпириэнсийэтэ аһыллыбыта.
Генеральнай Ассамблея резолюциятыгар дойдулары уонна ХНТ тэрилтэлэрин бу күн тулалыыр эйгэни харыстыырга уонна тупсарарга тэрээһиннэри ыытарга ыҥырар.
Бу 27-с сиэссийэҕэ ХНТ саҥа тэрилтэтэ — Тулалыыр эйгэҕэ ХНТ Программата (ЮНЕП) олохтоммута. Бу ЮНЕП эгиидэтынан Тулалыыр эйгэ күнэ бэлиэтэнэр.